Page 13 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 13

БААТАБАЙ нэһилиэгэ

          битим.  Үс сьш «Чапаев» холкуоска субай сүөһү көрүүтүгэр үлэ-
          лээбитим.  Бииргэ  үлэлээбит  дьүөгэлэрбитгэн  билигин  Павлова
          Анна  Николаевна,  Александрова  Дария  Егоровна,  Охлопкова
          Мария  Васильевна  бааллар.  1964 с.  Баатаҕайтан төрүттээх Кон-
          стантин  Иннокентьевичтыын холбоһон  ыал буолбуппут.  1969 с.
          Эрбэһиҥҥэ детсакка ньээҥкэнэн үлэлээбитим.  1971  с. холкуос-
          тары  бөдөҥсүтүүнэн,  Эрбэһин  холкуоһа  ыһыллыбыта.  Биһиги
          Уһун  Күөлгэ  көспүппүт,  онно  үс  сыл  эмиэ детсакка  үлэлээби-
          тим.  1974 с. кэргэним дойдутугар Баатаҕайга кэлбиппит.  Кэлээт,
          оскуолаҕа поварынан  үлэлээбитим.  Онтон  ити сыл отделениеҕа
          ыанньыксытынан киирбитим уонна  1987 с. пенсияҕа тахсыахпар
          диэри  үлэлээбитим.  Партизан  Заболоцкай  «Биэттэ»  отделение-
          тыгар  социалистическай  куоталаһыыга  элбэх  үүтү  ыан,  1984,  1986,  1987  сс.  үрдүк
          көрдөрүүлэри  ситиһэ  сылдьыбытым.  Элбэх  сььт  «Надежда»  фермаҕа  бииргэ  үлэлээ-
          бит дьүөгэм  Копырина (Новгородова)  Мария Дмитриевна билигин  Баатаҕайга олорор.
          Урут  үлэлээбит  кэмнэрбитин  билигин  истиҥник  санаан  кэпсэтэбит.  1987  сыл  «Заря»
          ферматыгар  (ст.  Никифорова  Т.З.)  биир  ынахтан  2066  кг  үүтү  ыыры  ситиспитим.  Ол
          үлэм туоһулара дипломнар, грамоталар башшар. Биэнсийэҕэ тахсан баран  1988-1992 сс.
          отделениеҕа  ньирэй  көрбүтүм.  Кэргэмминээн  аҕыс  оҕоломмуппут,  кэргэним  1996  с.
          ыалдьан күн сириттэн барбыта.  Билигин Баатаҕайга олоробун, алта сиэннээхпин, биир
          хос  сиэннээхпин.
             Үлэ  бэтэрээнэбин,  коммунистическай  үлэ  ударнигабын,  «Ийэҕэ  албан  аат»  II  сте-
          пенэ уордьаннаахпын.
                                                                         2015 сыл тохсунньу 27 күнэ


                                   Готовцева Татьяна Петровна

             Мин  1944  с.  ахсынньы  10  күнүгэр  Баатаҕай  нэһилиэгэр
          Дулҕаҕа төрөөбүтүм.  Аҕам  Сивцев  Петр  Семенович,  ийэм  Сив-
          цева  Матрена  Николаевна  холкуостаахтар  этэ.  Кинилэр  элбэх-
          тик  оҕоломмуттарыттан  бэһиэ  эрэ  ордон  хаалбыппыт.  Оҕо
          сааһым  сэрии  кэннинээҕи  сылларга  ааһан,  кыра  сааспыттан
          ийэбэр көмөлөһөн фермаҕа ынах ыаһан, дьиэ үлэтигэр оҕо көр-
          сөн улааппытым.  Онтон  13-14 сааспыттан  сайынын  каникулбар
          солбуйан, сайылыкка тахсан ыанньыксытынан, ньирэй да көрөн
          үлэлээбитим.  Ол  иннинэ  учуотчуттуурум.  Сэрии  кэннинээҕи
          сылларга олох ыарахан этэ, ас-таҥас да кэмчитэ, оччотооҕу оҕо-
          лор  үлэни кыра сааспытыттан  үлэлээбиппит.
             Билигин  биэнсийэҕэ  олоробун.  Кэргэним  Готовцев  Семен
          Семеновичтыын  6  оҕолоохпут,  сиэннэрдээхпит.  Үлэ бэтэрээнэбин,  «Ийэҕэ албан  аат»
          III  степенэ мэтээллээхпин.
                                                                            2015 сыл олунньу 6 күнэ


                                 Готовцева ульяна Алексеевна

            Урут тыа сиригэр ыарахан да кэмнэр ааспыттар эбит.  Биһиги кыра сырытгахпытына,
          холкуос  саҕана  техника,  массыына  да,  тыраахтар да  суоҕа.  Онон  оҕус,  ат эрэ  көлөнөн
          от,  мас  тиэйэн  олорбуттара.  Ону  тэҥэ  ас-үөл  да  кэмчи  кэмигэр  олорон  ааспыттар.
          Биһиги  ийэлэрбит  аҥаардара  эр  киһи,  аҥаардара  дьахтар  буоланнар  үлэлии-хамсыы
          сылдьыбыттар.  Аҕабыт,  биһиги  кыра  сырыттахпытына,  сэрии  кэмигэр  ыалдьан  эдэр
          сааһыгар  өлбүт.  Ол  иһин  биһиги даҕаны  оҕо сылдьан  оҕолор  курдук бэрики  оонньоо-


                                                      9
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18