Page 132 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 132
алта сааһыттан билэн улааппыта. Кини ол туһунан
маннык ахтар:
— Оччолорго испиискэ суох буолан, көмүлүөк
оһоҕу хататынан саҕан кыа уматан, ону чоххо кыбы-
тан үрэн күөдьүтэн оһох отторбут. Бу туһугар олус
эрэйдээх үлэ этэ, мин төбөм ыалдьыар диэри уоту
күөдьүтээри үрэн муҥнанарым. Эдьиийим миигин
үлэҕэ үөрэппитэ, бэрээдэктээх буоларга, бэйэ эппиэ-
тинэһин өйдүүргэ сүбэтэ кэлин төгүрүк тулаайах ха-
албыт кэммэр, интернакка олорон үөрэнэрбэр, сту-
денныыр сылларбар улаханнык туһалаабыта,
көмөлөспүтэ.
Көстөкүүн убайа Макаар икки кылаас үөрэхтээх
киһи, иллэҥсийдэҕинэ уолга буукубалары (Новгоро-
дов алфавитынан) үөрэтэн, уол Иккис Дьаархан алын сүһүөх оскуолатыгар
1939 с. үөрэнэ киирэригэр кинигэни буукубалаан ааҕар буолбута. Ити үөрэнэ
сырыттаҕына 1941 сыл уоттаах сэрии саҕаланан, ас-таҥас тута кырыымчы-
тыйа түспүтэ. Көстөкүүн ол да буоллар, 1943 с. саас алын сүһүөх оскуоланы
үөрэнэн бүтэрбитэ. Төрүкү аалларан ыалдьа сылдьар аҕата ити сыл бэс ыйы-
гар тыына быстаахтаабыта. Убайа Макаар, өссө олунньуга алта лэппиэскэ,
биир муунта арыы, аҕыйах кырбас эт өйүөлээх, онтукатын салааскаҕа соһон
“дьол көрдөһө” атах балай барбыт кэмэ этэ. Онон Көстөкүүн аҕата өлөрүн
кытта тулаайах хаалаахтаабыта.
Олох суолугар тахсыы
Төгүрүк тулаайах хаалбыт уол, сайынын от үлэтигэр, оҕус сиэтиитигэр
үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ кинини ким даҕаны: “Аны кыһын ханна олороҕун,
тугу гынаҕын?” — диэн ыйыталаспат этэ. Көстөкүүн, бу курдук сылдьарым
сатаныа суох, хайаан да үөрэннэхпинэ табыллар диэн санаан, окко үлэлии
сылдьан биир күн: “Мин үөрэнэ бардым”, — диэн киэһээҥҥи омурҕан кэн-
ниттэн оҕустарын аҕалан баайталаан баран, алааһы ортотунан киирэн бара
турбут. Кини бу олоҕор бэйэтин санаатынан бастакы улахан хардыыны оҥо-
руута этэ. Сэттэ кылаастаах оскуола Көстөкүүн олорор сириттэн икки көстөөх
ыаллыы сытар үһүс Бордоҥ нэһилиэгэр баара. Уол Бордоҥҥо “детдом” диэн
тулаайах оҕолор олорон үөрэнэр дьиэлэрэ баар диэни истэн, аара баран иһэн
өй ылан бэйэтин нэһилиэгин Сэбиэтигэр сылдьыбыта. Сэбиэт бэрэссэдээтэ-
лигэр: “1930 сыллаах төрүөх, төгүрүк тулаайах” — диэн ыспыраапка суруй-
тарбыт. Ити кэннэ Сэбиэт дьаһалынан 3-4 хонуктаах өйүө лэппиэскэ ылан,
эмиэрикэттэн кэлбит бурдук куулунан ырбаахы уонна ыстаан тиктэрэн (эмиэ
Сэбиэт дьаһалынан) үөрэнэ Бордоҥ детдомугар тиийбит. Көстөкүүн манна
үс сыл үөрэнэн 7 кылаастаах оскуоланы 1946 с. бүтэрэр. Үөрэҕин быыһыгар
сайын ахсын колхуоһугар тиийэн от оттоһор, бурдук хомууругар үлэлэһэр.
Дьэ, ити курдук төгүрүк тулаайах уол адьас оҕо эрдэҕиттэн (Дьиҥэр, К.П.О-
сипов 1928 с. төрүөх, Сэбиэт суруйбутунан 1930 с. төрөөбүтэ диэн, кэлин туох
баар докумуона барыта ити сылынан оҥоһуллубут) бэйэтин иннин көрүнэ
үөрэнэн, олох киэҥ аартыгар суолун бэйэтэ соломмута.
Сэттэ кылаас үөрэхтээх киһи колхуос улахан дохуота суоҕун өйдөөн, сал-
гыы үөрэннэххэ эрэ табыллыыһы диэн санаан ылара үксээн барбыт. Көстөкүүн
1948 с. муус устар ортотугар Сунтаар оройуонугар инбэлииттэр артыаллара
диэн баарын истэн, сатыы 20 көстөөх сиргэ айанныыр.
— Билигин санаатахха. харса суоҕум бэрт эбит, — Константин Петрович
128

