Page 406 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 406
уонун “балык булдугар” ыытан “быыһыыр” өй киирэн, дьонтон-норуоттан
ыйыппакка даҕаны, быһаччы дьаһалымсыйан, “Байыаннай кэм сокуонунан”
куттаан, хоту үс оройуоҥҥа 41 холуос дьонун оҕолору-уруулары, кырдьаҕас-
тары-кыамматтары көскө ыыталлар.
Сэттэ уон сыл тухары саха норуотугар, билигин даҕаны ол саҕанааҕы
былаас салайааччылара, чурапчылары суттан уонна хоргуйууттан быыһаары
хоту оройуоннарга балыкка ыыппыттара диэн өйдөбүл сүтэ илик. Бу дьаһа-
лымсыйыы дьиҥэр, оччотооҕу былааска олорор дьон: “Оччо-бачча киһини
балык булдугар ыыттыбыт, правительство дьаһалын толордубут,” — диэн
бэйэ эрэ тириитин харыстаныы этэ.
Билсиҥ, Чурапчыны күүс өртүнэн көһөрүү кыттыылааҕа Г.К.Макаров
ахтыытын. Бу ахтыы Чурапчы оройуонун “Саҥа олох” хаһыакка тахсыбыта.
ОГДОЛУЙБУТ ОҔО СААҺЫМ ОЧУРДАРА
Көһөрүү оҕолор дьылҕаларыгар
Дьылҕа хаан оҥоһуута киһиэхэ тус-туһунан суолу-ииһи хаалларар. Сорох
эрэйи эҥэринэн тэлэн, олоҕун суолугар элбэх түһүүлэри-тахсыылары дабайан,
инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан салҕанан, сорох кэмҥэ тыыннаах эрэ суох
эрэ диэн санааҕа кииртэлээн тахсыталыыр түгэннэргэ кыайыылааҕынан тах-
сан, олоҕун астынан түмүктүүр.
Сорох аһара бэлэмҥэ үөскээбит эдэр ыччаттарбыт, бүгүн уруккуга-хой-
уккуга суолта биэрбэт буолан, бэйэлэрин аҕа саастаах кырдьаҕастарын оло-
рон ааспыт оломноох суолларын ытыктаабат буолан, олох долгуннарын эр-
диитэ суох тыыга олорон иһэр киһи курдук утары барбакка олохтон эрдэ
сынтарыйан киһи аһыныытыгар киирэллэр, эбиитин бэйэлэрин итэҕэс хаа-
чыстыбаларын атын көлүөнэҕэ соҥнуу сатыыллар. Ким эрэ кинилэри ситэ
ииппэтэх, көмөлөспөтөх, атахтарыгар туралларыгар өйөбүл буолбатах ааты-
ран чугас дьонноруттан, аймахтарыттан ылар иэстээх курдук туттан бүгүн
бэйэбитин кытта тэҥҥэ олох олороллор, үлэлээбитэ буолаллар.
Сэрии сылларынааҕы оҕолоро! Оччотооҕу оҕолор олох атын этибит. Ким
саҥа төрөөбүт, ким көтөөрү гыммыт чыычаах оҕотун курдук даллаҥныы оло-
рор, ким сыҥаһалыы сылдьар, ким саҥа хааман, ким остуол үрдүгүн саҕа
буолбут, ким “ыт атах” аатыран сорукка сүүрэр, киирэн-тахсан элэгэлдьийэр,
ким ат, оҕус иччитэ буолан оҕус сиэтэр, ат уулатар...
Олох саҥа көнөн сүнньүн булан эрдэҕинэ, биһиги көлүөнэ “эн-мин”
дэһэн сиртэн саҥа сэрбэйэн эрдэхпитинэ, “сэрии” диэн ынырык тыл хас
дьиэ ахсын киирбитэ. Ити тылы даҕаһа өссө дьулаан дьылҕа иннибитигэр
күүтэрин хаспыт билиэ баарай?! Оччотооҕу көһөрүү оҕотун хараҕар курус
санаа санньыар кыыма куруук көстөрө. Курус санаа күн аайы күлүк курдук
эккирэтэ сылдьара. Баҕардын баҕарбатын даҕаны оҕо санаата: “Оо, биирдэ
тото аһаабыт киһи!..”, — диэн буолара. Ынайбыт ис, тииһэ суох айах, сары
саллаҕар төбө, от илии-атах, иинэн-хатан хаалбыт, мэктиэтигэр курдары
көстүөх айылаах эт-тирии, хаамтаҕына иэҕэҥнии сылдьар дьардьама оҕо буо-
лан сылдьыбыта, улааппыта күүс өртүнэн көһөрүллүү оҕото.
Көһүүгэ киирэн иитэр-аһатар киһитэ суох хаалбыт, төгүрүк тулаайахтарга,
тыыннаах хаалыы олоҕо өссө ыараабыта. Аймахтан аймахха, ыалтан ыалга,
илииттэн илиигэ иитиигэ сылдьар атах балай барбыт, аны кырата бэрт буо-
лан иннин-кэннин бэйэтэ көрүммэт оҕоҕо, бу ынырык кэм төһөлөөх охсууну
402

