Page 407 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 407

Макаров  Григорий                Макаров  Григорий  Константинович
               Константинович

        оҥорбута  буолуой!  Оҕо  буруйа  —  кини  киһи  аатыран  күн  сирин  көрбүтэ,
        сири-уот  алдьатан  бэлиэ  хаалларан,  хаама-алтыһа  бэйэтин  оҕолуу  кыаҕынан
        тугу  эрэ  туһалааҕы  оҥоро  сырыттаҕа  дии.  Ол  барыта  көһүү  оҕотугар  ыар
        сүгэһэр  буолан  уу  ньулдьаҕай  саннын  нүксүччү  баттаабыта.  Билиҥҥи  оҕо
        курдук  күлэн  чаҕаара,  икки  имэ  тэтэрэн,  сүүрэ-хаама  сэгэлдьийэ  сылдьар
        сэниэтэ, күүһэ-уоҕа суоҕа. Көһөрүллүү кэмигэр төрөөбүт оҕолор аһыра ыарахан
        усулуобуйаттан  бары  кэриэтэ  төннүбүттэрэ.  Онтон  тыыннаах  хаалбыт  өттө
        эрэй  эҥэрдэнэн,  ыарыы  аргыстанан,  ахсаан  өртүнэн  олох  аҕыйах оҕо  ордон
        дойдуларын  булбуттара.
            Оҕоҕо даҕаны дуулаҕа бухатыырдыы,  холооно  суох харбааһыннаах модун
        санаа  баар.  Бу сири,  бу  күнү,  бу халлааны  бүтүннүүтүн  хабар  эҥсилгэннээх
        киэҥ санааҕа куустардаҕына кини курдук дуолан күүстээх, түргэн сырыылаах
        ким да суох.  Оҕо омунун туох да тохтоппот, тууйбат, туппат!  Оннук эбээт оҕо
        барахсан.  Арай  маны  билбэтэхтэрэ  көһөрүллүү  оҕолоро.
            Мин  огдолуйбут  оҕо  сааһым  бу  кэми  хабан  ааспыт  буолан,  эппинэн-
        хааммынан  бу  алдьархайы  билбит  буоламмын,  оччотооҕу  аччык  оҕо  санаа-
        тынан  салайтаран,  хайдах баарынан  өйбөр  хатанан  хаалбытынан  ол  кэмнэри
        суруйабын.
                              Огдолуйбут  оҕо  сааһым  оҥкуллара

            Миигин ийэм Е.Г.Гордеева-Макарова көһүүгэ илдьэ киирбит. Эһэм Хаҥ-
        кыыр  Дьөгүөр,  кини  оҕолоро  эдьиийим  Хобороос,  убайым  Миитэрэй  хойу-
        туу  эккирэтэн  киирбиттэр.  Чугас  аймахпыт  Гордеева  Балаайа  ийэбин:
        “Көһүүгэ  кииримэ,  хайдах эмэ гынан  икки  огдооболор олоруохпут’’,  — диэн
        тылыгар  киллэрэ  сатаабыт.  Аҕам  Макаров  Константин  Егорович,  суотчуттуу
        олорон сэриигэ  1941  сыл бастакы хомуурга барбыт уонна  1944 сыллаахха тох-
        сунньуга сураҕа  суох сүппүт диэн  биллэриитэ  эһэбэр хоту сырыттаҕына  кэл-
        бит.  Аҕам  хайдах  сэриилэспитин,  ханна  тиийэн  сураҕа  суох  сүппүтүн  туһу-
        нан  туох даҕаны  сурах-садьык  суох.
            Ийэм  Ефросинья  Гаврильевна Кытаанах нэһилиэгин “Күүһү түмүү’’ хол-
        куос чилиэнэ эбит.  Бу баара суоҕа  38  хаһаайыстыбалаах,  онтукатыгар 75  үлэ-
        26*
                                                                                    403
   402   403   404   405   406   407   408   409   410   411   412