Page 409 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 409
ҥара охсоро. Хоту дойду хаара, чигдитэ кытаанаҕа бэрт буолан, дьоммут
хаары тимир күрдьэҕинэн быһыта анньан ылан улахан күүлэ оҥороллоро.
Күүлэҕэ, буурҕа кэмигэр ыттар сыталларыгар анал миэстэ аныыллара, ыт
сыарҕалара, балык уурар кладовка, дьахталлар уонна эр дьон тус-туһунан
сылдьар тахсан киирэр сирдэрэ оҥоһуллара. Аттыбытыгар ыраах соҕус эмиэ
бараактар көстөллөрө. Ол бараактар икки ардыларыгар уу аҕалбыт ураҕаста-
рынан дьуолка анньаллара уонна ол мастара быанан сибээстээх буолара.
Эмискэ буурҕа түстэҕинэ ол быаттан эрэ тутуһан ыалтан ыалга сылдьаҕын.
Мин өйбөр хатанан хаалбыт түгэнинэн полярнай түүн кэнниттэн күн
тахсарын көрсүү буолара. Кыһыны быһа ханна да барбакка биир бараакка
хаайтаран олорор дьоҥҥо, күн көстүүтэ туох эрэ үчүгэйи, кэрэни күүтүүгэ
тэҥнээҕэ, хайдах эрэ бырааһынньыктыы сыһыаны үөскэтэрэ. Кырдьаҕастыын,
эдэрдиин, оҕолуун таһырдьа тахсан күн тахсарын одуулаһарбыт. Күммүт ба-
рахсан аан бастаан көмүс сарбынньахтарын көрдөрө түһэн баран эмиэ кии-
рэн хаалара. Күнү көрөн биһиги, оҕолор, биир сиргэ туран өрүтэ ыстаҥалыыр-
быт, ойуоккалыырбыт, тустубута буолан мочоохтоһорбут, күлэрбит-үөрэр-
бит. Оннооҕор дьоммут эгди буолан ылаллара.
Хоту дойду буурҕата эмискэ түһэринэн, уһуннук буоларынан айылҕа
көстүүтүгэр тэҥнээҕэ суоҕа буолуо. Олохтоохтор тыал, буурҕа түһэрин эр-
дэттэн сэрэтэллэр быһыылааҕа. Дьоммут уу аҕалбыт маһын мунньан дьиэбит
иннигэр улахан кутааны бэлэмнииллэрэ. Буурҕаҕа муммут, хаайтарбыт айан-
ньыт ол кутааны көрөн дьону, дьиэни булара. Тыал түһэрин иһиттэхпитинэ
сүүрүү-көтүү, кэлии-барыы элбиирэ. Ким мас таһар, ким кутаа бэлэмниир,
дьоммут хаарынан күүлэ оҥороллор, ким ыт аһылыга бэлэмниир, ким эрэ
буочукаҕа хаар таһан уу бэлэмниир, ким эрэ наадаҕа ыалга бара охсон кэлэр.
Тыал, буурҕа саамай кылгаһа икки хонук, орто буурҕа түөрт-алта хонук, уһун
күүстээх буурҕа аҕыс-уон хонук буолар быһыылааҕа. Мин эһэм атаҕар утуйар
этим, бары сыппыппыт кэннэ бараакпыт үрдүнэн туох эрэ кыычыгыраан-
хаачыгыраан ааһар курдуга.
Биирдэ эдьиийим Хобороос, биир эдэр уол уонна эбэҥки оҕонньоро
таһынааҕы ыалга (көстөн турар 200-300 миэтэрэлээх сиргэ) сонун истэ, чэй
умналаһа бардылар. Эһэм эдьиийбэр таарыйа табахта иэс ылаар диэн дьа-
һайда. Дьоммут тиийэн бараакка киирэн саҥардыы ону-маны кэпсэтэн эр-
дэхтэринэ: “Буурҕа түһэн эрэр, дьиэҕитигэр бара охсуҥ”, — диэн хаһыы
иһиллибит. Биһиги дьоммут төттөрү ыстаммыттар, эбэҥки оҕонньоро быат-
тан тутуһан бастаабыт, эдьиийим уонна эдэр уол батыспыттар. Эмискэ тыал
күүһүрэ түһүүтүгэр оҕонньордоругар хараҕар, сирэйигэр кумах былаастаах
хаар саба ыһыллан, соһуйан уонна тыалга түҥнэри оҕустаран оҕонньордоро
охтон түспүт. Охторугар быатын мүччү тутан кэбиспит уонна эдьиийим аах-
ха: “Быабын мүччү туттум, тыал мөлтүүр кэмигэр булуохпут, мин аттыбыт-
тан олох хамсаамаҥ”, — диэн эппит. Эдьиийим билигин кэлиэхпит дии
санаан чараас халтан сонунан барбыт буолан дьагдьайан, тоҥон барбыт, со-
нун сиэҕэ кылгаһа бэрт буолан харылара эмиэ иһэлийэн эрэллэрин билбит.
Онтон оҕонньорго: “Тоҥон бардым”, — диэн эппит. Оҕонньор уонна уол
эдьиийбин ортолоругар сытыаран баран тула хаарынан хайынан кэбиспит-
тэр. Эдьиийим тоҥмута ааһан ирэн хаалбыт уонна нухарыйан барбыт. Уһун-
нук сыппатахтар, уоллара саҥа аллайбыт: “Харахпар уот көһүннэ, икки уот
буолла, оо, өссө үс уот буолла”, — диэбит. Эдьиийим уол эппитигэр көрө
түспүтэ тыал ытыйарын быыһыгар уоттар сүтэ-сүтэ көстөллөрүн көрбүт.
Онтон тыал кинилэр диэки үрбүтүгэр хайдах эрэ баҕар санаатыгар буолуо,
киһи уоту тута сылдьар илиитэ уонна бэргэһэтэ көстөргө дылы гыммыт.
405

