Page 83 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 83

үлэлии  сылдьыбыт  тэрилтэтэ,  Суоттутааҕы  милиция  отделениета  өйдөөннөр
         көмөлөһүөхтэрин,  өйүөхтэрин  сөп  этэ.  Оттон  Петр  Иннокентьевич  бэйэтэ
        киһиттэн  улаханнык  көрдөспөтөх,  түөһүн  охсумматах  киһи.
            Кини  ити  тустаах  үлэтин  таһынан  нэһилиэк  общественнай  олоҕуттан
        хаһан  да  туора  турбатаҕа.  Дэлэҕэ  1957-1960  сс.  райсовет  сэбиэтин  депутаты-
        нан  быыбарданыа  дуо?  Онтон  нэһилиэгэр  сэттэ  төгүл  сэбиэт  депутатынан
        талыллыбыта.  Маны  таһынан  Саха  АССР  үрдүкү  суутугар  икки  төгүл  сэтээ-
        тэлинэн  быыбарданан  үлэлээбитэ.  Онтон  олохтоох  табаарыстыы  суут  пред-
        седателинэн,  ДНД  начальнигынан  уонна  чилиэнинэн  үтүө  суобастаахтык
        үлэлээн  дьон-сэргэ  махталын  ылбыта  элбэх.
            Дьиҥ-чахчы  патриотическай  өйдөөх-санаалаах  үтүө  үлэһит  П.И.Васильев
        быйыл  алтынньыга  73  сааһын  туолуоҕа.  Олоҕун  чиэһинэйдик  олорбут,  үлэ-
        хамнас,  дьон  ортотугар  сылдьыбыт  кырдьаҕас  ыччаттарыгар  бу  кэс  тыллары
        этэр  толору  бырааптаах:
            —  Ыччат  үөрэҕи,  хас  да  идэни  баһылыан  наада.  Чөл  олохтоох  киһи  ха-
        һан  баҕарар  бэйэтигэр  сыана  биэрэ  үөрэнэр,  дьону  ытыктыыр.  Ыччаттар
        хайҕалтан  кыайыыттан  төбөҕүтүн  эргитимэҥ.  Атын  дьон  ситиһиитин  бэйэ-
        лэригэр  иҥэринэ  сатыыр  дьон  баар  буолаллар.  Ол  сымыйа,  аат-суол  иҥпитэ
        мөлтөх  өрүттэрдээх  буоларын  умнумаҥ.  Кыратык  үлэлээбитэ  буолан,  үгүс
        үбү  өлөрө  сатаамаҥ.  Кэргэни,  оҕону-урууну  инники  күөҥҥэ  тутуҥ!

                                     Үйэ  аҥаара  сүөһү  үлэтигэр

            Мин  Петр  Иннокентьевич  улахан  олоҕуттан  биир  эрэ  үлэтин  кылгастык
        кэпсээтим.  Оттон  кини  тыа  хаһаайыстыбатын  үлэтигэр  24  сыл  биригэдьии-
        ринэн  уонна  кэлин  пенсияҕа  тахсыар  диэри  оройуон  госстраҕын  Суотту-
        тааҕы  биригээдэтигэр  4  сыл  устата  биригэдьииринэн  (эмиэ)  үлэлээбит  сыл-
        ларын  ымпыгын-чымпыгын  ахтыбатым.  Биригэдьиир  үлэтэ,  утуйа  да  сытар
        киһиэхэ  умнуллубат  кыһалҕалаах  үлэ  буоларын,  бу  үлэни  үлэлээн  көрбүт
        дьон  бары  билэллэр.  Үлэһит  киһи  үтүө  олоҕо  оннук  уһун,  киэҥ.
            Петр  Иннокентьевич  олоҕун  улахан  аргыһа  Дария  Петровна  —  элбэх  оҕо
        ийэтэ,  улахан  дьиэ  кэргэн  эйэҕэс  эбэтэ.  Даайа  аҕата  -   биһиги  бары  билэр
        уонна  киэн  туттар  поэппыт,  общественнай  деятельбыт  Сергей  Степанович
        Васильев-Борогонскай  бииргэ  төрөөбүт  убайа  Петр  Степанович  этэ.  Петр
        Степанович  Васильев  колхуостаах  хоодуота  киһи  үлэлии-хамсыы  сылдьан
        1958  с.  өлбүтэ.  Оггон  Даайа  ийэтэ,  Мэҥэ-Хаҥаластан  төрүттээх  Наталия  Фи-
        липповна  Дьячковская,  элбэх  сиэнин  оҕолоһон,  көрөн-истэн  баран,  1968  с.
        олохтон  туораабыта.
            Дария  Петровна  биэс  бииргэ  төрөөбүттэртэн  төрдүс  оҕо.  Кини  соҕотох
        ийэтигэр  көмө  буолаары  сэттис  кылааһынан  үөрэнэн  бүтэн,  колхуоска  кии-
        рэн  ыанньыксыттаабытынан  барбыта.  Дария  Петровна  уон  сыл  устата  биир
        өрөбүлэ  суох  тохтообокко  үрүҥ  илгэни  үрүйэлии  сүүрдүбүтэ.  Ыал  буолан
        төһө  да  сыллата  кэриэтэ  оҕолоннор,  ийэтэ  баар  буолан  балтараалыы-икки-
        лии  ый  буолаат  үлэтигэр  тахсыбытынан  барара.  Дария  Петровна  кэлин  ыччат
        сүөһүнү төлөһүтүүгэ туох баар дьоҕурун,  сатабылын биэрэн үлэлээбитэ.  Сайын
        устата  кыра  кыыһынаан,  оччолорго  оскуолаҕа  үөрэнэр  киһилиин,  60  сороҕор
        90  ньирэйи  ылан,  көрөн-харайан  кыстыкка  туттараллара.  Онтон  кыстыкка
        киирэн  баран  бэйэтэ  30  борооскуну  төлөһүтэн  сыл  таһаарара.  Ити  курдук
        Дария  Петровна  50  сыл  устата  2000  с.  кулун  тутар  ыйга  диэри  сүөһү  үлэтит-
        тэн  илиитин  араарбакка  үтүө  суобастаахтык  үлэлээбитэ.  Ол  да  иһин  киниэхэ
        “Үлэ  ветерана”  мэтээлинэн  наҕараадаланар  чиэс  тиксибитэ.


                                                                                     79
   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88