Page 81 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 81

ИЭЙЭХСИТ  ЭҤЭРДЭСПИТ  дьоно


                   Оонньооботох  оҕо  саастаах  сэрии  сылларын  оҕолоро.  Бу  этии  Буөтур
              уонна  Даайа  Баһылаайаптарга  эмиэ  сыһыаннаах.  Сэрии,  сут-сутурҕан,
               кыаммат  буолуу  кыһалҕата  кинилэри  ситэ  уөрэхтээбэтэҕэ.  Ол  оннугар
               Бүөтүрдээх Даайаҕа  Иэйэхсит  эдьиийдэрэ  учугэй  хараҕынан  көрөн  оҕону-
              урууну  дэлэйдик  биэрбитэ.

                            Удьуор элбэх оҕолоох бииргэ төрөөбүттэр
             Орто туруу бараан дойдуга олох олоро кэлбит киһи
         анала  төрдү-ууһу  тэнитии,  элбэх  оҕону  төрөтөн  ааты
         ааттатыы  буолар.  Эдьэн  Иэйэхсит  эдьиийдэрэ  эҥэр-
         дэспит  дьонугар  Ийэ  айылҕа  барахсан  сыллата  ахсын
         кэриэтэ  бииртэн-биир  оҕону  бэлэхтиир.  Петр  Инно-
         кентьевич  уонна  Дария  Петровна  Васильевтар  —  12
         оҕолоох  Суотту  нэһилиэгин  биир  ытык-мааны  ыала.
         Уон  икки  оҕону  төрөтөн,  атахтарыгар  туруорбут
         дьоҥҥо  “ытык-мааны”  диэн  тыллары  бу түгэҥҥэ тут-
         тарга  тоҕоостоох  дии  саныыбын.
             Кырдьыга  даҕаны  киһи  хайдах  үөрбэт  буолуой,
         Бүөтүрдээх Даайа  оҕолоро  бары  олоххо  суолларын  бу-
         лунан,  үгүстэрэ  дьиэ-уот  тэринэн,  дьон  кэккэтинэн
         олороллоруттан.  Оҕолор  Дьокуускайга,  Өлүөхүмэҕэ,
         Алдаҥҥа,  Мэҥэ-Хаҥаласка,  Хаҥаласка  уонна  бэйэлэрин  улуустарыгар  Са-
         һылыкаан,  Суотту  бөһүөлэктэригэр  олороллор.  Эдэр  дьон  бары  кэриэтэ
         сөбүлүүр  идэлэрин  ылан,  үлэлии-хамсыы  сылдьаллар,  сорохторо  үөрэнэллэр.
             Манна  даҕатан  эттэххэ  Петр  Иннокентьевич  бииргэ  төрөөбүт  балта  Еле-
         на  Иннокентьевна  эмиэ  10  оҕолоох  Герой  Ийэ,  билигин  Сыырдаах  бөһүөлэ-
         гэр  олорор.  Убайдара  Афанасий  Илларионович  кэргэнинээн  эмиэ  уон  оҕону
         төрөппүттэрэ.  Билигин  суохтар  эрээри,  оҕолоро  дьоҥҥо-сэргэҕэ  ытыктанар
         дьон.  Онон  Баһылаайаптары  кытта  чахчы  да  Иэйиэхсит  эдьиийдэрэ  эҥэр-
         дэспит  ыала  дииргэ  толору  быраап  баар.  Олоҕу  салгыыр,  тымыр-сыдьаан
         тардар  ыччаттаргыт  үлэ-хамнас,  үөрэх  үөһүгэр  сылдьан  этэҥҥэ  буоллуннар,
         үйэлэрэ  уһаатын.
                              Өрүү  дьон-сэргэ,  үлэ  үөһүн  ортотугар

             Петр  Иннокентьевич  Васильев  сааһын  тухары  дьон-сэргэ  ортотугар  сыл-
         дьан,  орто  сүһүөх  салайар  үлэҕэ  бары  билиитин  дьоҕурун  уурбут  киһи.  Кини
         Суоттуга  1948  с.  7  кылааһы  үөрэнэн  бүтэрбитэ.  Онтон  колхуоска  үлэлии  сыл-
         дьар  эдэр  киһини  Дьокуускайдааҕы  тыа  хаһаайыстыбатын  үлэтин  салайар,
         кадрдары  бэлэмниир  оскуолаҕа  үөрэххэ  ыыппыттара.  Петр  Иннокетьевич  ити
         үс  сыллаах  (1953-1956)  үөрэҕи  бүтэриэҕиттэн  24  сыл  устата  тохтоло  суох  кол-
         хуоска,  кэлин  сопхуоска  биригэдьииринэн  үлэлээбитэ.  Отучча  сыллааҕыта
         Нам  училищетын  директора  П.Г.Апросимов  кэлэн,  анаан-минээн  Бүөтүрү
         көрсүбүтэ.
             —  Дьэ,  Бүөтүр,  манна  суоттуга  Нам  СПТУ-тун  филиалын  астараары  ту-
         руорса  сылдьабын.  Училище  директорынан  эмиэ  бэйэҥ  бииргэ  үлэлээбит
         киһиҥ  Василий  Константинович  Дегтярев  буолар,  —  диэбитэ  кини.
             —  Хаһаайыстыбаны  салайарга  уһуннук  үлэлээбит  уопуттаах,  бэрээдэктээх

                                                                                      77
   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86