Page 28 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 28

2.

                   Күннээҕи олоххо эмискэ сыыһаатын:
                   “Уой! Ийээ!..”  — диэн саҥа аллайа түһэбин.
                   Ол аата, хамсанар хас хардыым аайытын,
                   Умнары билбэккэ, саныыбын эйигин.

                   Эйиэхэ өйөбүл буолуохтаах аналбын
                   Эмиийиҥ үүтүнүүн иҥэрэн биэрбиккин.
                   Ыраах да, чугас да сылдьарбар күн ахсын
                   Куһаҕан тыыннартан сэрэтэр эбиккин.
                   Күнүһүн — бар дьоннуун алтыһар үөрүүбэр
                   Санаанан байытан сайаара сылдьаҕын.
                   Түүнүгэр — хара түүл түбүлүүр үөһүгэр
                   Сырдыктан матарбат ыраас ый буолаҕын.
                   *  *  *
                   Туһулаан эн биэрбит улахан дьолбунуун
                   Олоҕум ойуурун ырыалаах туоруубун.























           26
   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33