Page 24 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 24

83.

                 Ийэк-кээм!  Биэтэккэр кэлбиккин
                 Билэбин.  Мунчаарар эбиккин.
                 Сэрэйдим:  сүбэҕэр утарсан,
                 Элбэхтик хомоппут иэстээхлин...

                 84.

                 Дьэримиэй, дэгиттэр киһигин:
                 Хас дьон'но сыанабыл биэрэҕин...
                 Акаары,  өйдөөх дьон төһөтүн...
                 Арай дьиҥ бэйэҕин билбэккин.

                 85.

                 Миигинэн футболлуу оонньуугун,
                 Мэлдьи бэрт былдьаһан сордуугун.
                 Кыайыыттан төбөтө эргийэн,
                 Дэбдэйбит тренер курдуккун.

                 86.

                 Тойонуом!  Гоноргын билэбин:
                 Сыыһаргын билиммэт генийгин.
                 Бу миигин куобахаан оҥордуҥ...
                 Аны мин кырдьыгы эппэппин.

                 87.

                 Куоскаттан кутуйах куттанар,
                 Тиигиртэн бэл бөрө дьаарханар.
                 Икки-үс этээстээх былааспыт
                 Куоска дуу, тиигир дуу буолбатар.

                 88.

                 Топпуттар,  аччыктар — барыбыт,
                 Күүлэйдээт,  бу сиртэн барыахпыт.
                 Эдэрдэр, тэҥнэһии  ырыатын
                 Гиминнии ньиргитэн бардаргыт!..


        22
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29