Page 23 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 23
77.
Муостаны сууйааччы биир түөтэ
Ыйытта остуорас эриттэн:
— Бу хаһан хамнаскын эбэллэр?
— Дьокутаат киһибит кэнниттэн.
78.
Көрөбүт былыргы туох баары:
Көмүһү, кьшааттаах ампаары,
Бэриктээх Чоочону... Арай суох —
Баайдары утарбыт Манчаары.
79.
Бөлүһүөк хоһооннор — уолаттар,
Лирика ырыалар — кыргыттар.
Бал ары холбооттоон кээстэххэ,
Ыал бэрдэ — поэма айыллар.
80.
Оскуола сааспыттан тиэтэйэн,
Кэргэҥҥэ тахсарга көҕүйэн,
Олохпун кылгаппыт эбиппин...
Аны дьэ наҕылый, күн үйэм.
81.
Дуоһунас өттүнэн астыккын,
Сыанабыл биэрэргэ сыыспаккын...
Аны дьэ көрдөрөө инигин
Бар дьону түмэргэ бастыҥҥын.
82.
Биир киһи хас суолу ситиэҕэй,
Элбэх дьон билэрин билиэҕэй?..
Норуотуом! Эйиэхэ тирэнэн,
Үөрэнэ сатыыбын! Итэҕэй!
21

