Page 12 - Дүпсүн сирэ
P. 12

Бастакы  түһүмэх.
                              Дүпсүн  сирин  былыргыта













                                       Түҥ  былыргы  түгэх өбүгэлэрбит

                                               Түһүмэххэ киирии тыл
                                 Наука  этэринэн  билиҥҥи  Саха  сирэ  100  мөлүйүөн
                              сыл  анараа  өттүгэр  эрдэтээҥни  меловай  (раннемело­
                              вой)  кэмҥэ сииктээх,  итии  климаттаах  эбит.  Ото-маһа
                              сүрдээх  хойуу,  өлгөм.  Билиҥни  Алдан,  Лена  өрүстэр,
                              халлааҥҥа  харбаһар Дьааҥы  хайаларын  оннугар  маар-
                              бадараан, лээби олохтоох хаптал ньуур эбит.  Ол кэмҥэ
                              үөскээбит түҥ былыргы  аарыма  кыыллар уҥуохтарын,
                              араас  тропическай  үүнээйилэр  тааска  олорон  хаалбыт
                              суолларын  археологтар  1988  сыллаахха  Бүлүү  өрүскэ
                              түһэр  Ботомоойу  үрэх  төрдүттэн  булбуттар.  Кэнники
                              итинник  булумньулар  Алдан-Лена  тиксиһэр  миэстэ-
                              лэринэн Эксээнэ, Баатылы хайаларыгар көстүтэлээбит-
                              тэр.  Ити  Баатылы  хайата  билигин  Сангаар  хайата  дэ-
                              нэр  (көр:  К.Н.Гурьев,  В.Г.Слепцов  «История  Сангар».
                              —  Якутск,  2002  г.).  Эрдэтээҥҥи  меловай  кэм  кэннит-
                              тэн  сир  анныгар  сөҕүмэр  улахан  хамсааһыны  онорор
                              дьайыылар  түмүктэригэр  сир  үрүт  араната  логлорута
                              ойон  тахсыыларыттан  Дьааҥы,  онтон  да  атын  хайа-
                              лар  үөскээбиттэр.  Мууһуруу үйэтин  кэннинээҕи  ириэ-
                              рии  сабыдыалынан  улуу  өрүстэр,  үрэхтэр  сүүрүгүрдэн
                              суолларын,  кытылларын  соломмуттар.  Онтон  Өлүөнэ,
                              Алдан  өрүстэр  тоҕо  солоон  киирэн  тиксиһэр  үрдүк
                              кирбиилэриттэн,  дьогдьойор  саалларыттан  кинилэр
                              бэйэлээхтэри  өҥсүтээри  тымыр-сыдьаан  буолан  кии­
                              рэн уйгулаах уунан угуттуур сүүһүнэн ааҕыллар таас, от
                              үрэхтэр  сүүрүгүрпүттэр.  Биир  дойдулаахпыт,  биллии-
                              лээх  кыраайы  үөрэтээччи  И.Г.Березкин  «Саха  сирин
                              түҥ  былыргыта»  диэн  үлэтигэр  («Өбүгэлэрбит  уонна
                              үөлээннээхтэрбитсуолларынан». — Дьокуускай, 1981 с.):
   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17