Page 14 - Дүпсүн сирэ
P. 14

уһулуччулаах  учуонайа,  этнограф  Г.В.Ксенофонтов  көрүүлэрин  тутуһар  уон-
          на  кытайдар «Юань-Ши» VII  үйэтээҕи источниктарыгар «Байкалтан хоту кый
          ыраах Хотугу Муустаах байҕалга диэри курыканнар (былыргы сахалар) сирдэрэ
          этэ»  диэн  суруйбуттарынан  сахалар  билиҥҥи  сирдэригэр-уоттарыгар  VII  үйэ
          инниттэн  олорбуттара  диэн  бигэргэтэр.  Байкалга  үөскээбит  сахалар  былыр­
          гы төрүттэрэ, Орхон памятниктарыгар этиллэринэн  Үч Курыканнар (Үс Хоро
          Хааннар),  кытай  «Юань-Ши»  диэн  источниктарыгар  сурулларынан  у-се-хань
          (үс  саха хаан)  XIII  үйэҕэ  Орхон  түүрдэрин  курдук  эллээх  (судаарыстыбалаах)
          олорбуттар.  Чыҥыс  хаан  сэриилээһинин  саҕана  үс  саха  биир  салаата  сэриит-
          тэн  тэскилээн,  бэйэлэрин  хотугу  провинцияларыгар  Өлүөнэ  өрүһүнэн  хоту
          куоппуттар,  хаалбыт  икки  салааны  бас  бэриммэтэхтэрин  иһин  Чыҥыс  хаан
          уола Джучи  1276 сыллаахха  Маньчжурияҕа күүс өттүнэн көһөрбүт эбит.  Саха­
          лар чуолаан  Омоҕой,  Эллэй,  Хоро Ленаҕа кэлиилэрин туһунан сүрүн үһүйээн
          XIII  үйэни  кытта  сибээстээх  буолан,  «кыргыстан  куотан»  диэн  өйдөбүллээх
          эбит.  Онон  Н.Е.Петров сабаҕалыырынан саха норуот быһыытынан  Байкал ту-
          латыгар ситэн-хотон  баран,  биһиги  эрабыт VII  үйэтиттэн саҕалаан  Бүлүүнэн,
          Өлүөнэнэн билиҥҥи Саха сиригэр хас да түһүмэхтээн,  бүтэһиктэрэ XV үйэҕэ
          тиийэ,  сүөһүлэрин-астарын,  дьоннорун-сэргэлэрин,  улахан  уу  аалларынан
          уһуннаран  кэлбиттэр  уонна  олохсуйан-тэнийэн  испиттэр.  Маннай  Бүлүү,
          Өлүөнэ өҥ хочолоруттан саҕалаан,  Өлүөнэ илин эҥээринэн, хоту диэки  Муус­
          таах  муораҕа  тиийэ  тарҕаммыттар.  Ити  санааны  «Хаҥаластар  үйэттэн  үйэҕэ»
          (Дьокуускай,  2000  с.)  кинигэни  таһааттарбыт автор  Егор Яковлев учуонайдар
          Г.В.Ксенофонтов, А.П.Окладников,  И.В.Константинов суруйууларыгар, фоль-
          клористар  Г.У.Эргис,  Сэһэн  Боло онорбут төрүччүлэригэр,  нуучча  суругунан
          источниктарыгар  тирэҕирэн,  Эллэйи  быһа  холоон  1380  сыллаахха  төрөөбүт,
          Өлүөнэ  орто  тардыытыгар  кэлэн,  олохсуйан  Омоҕой  кыыһын  кэргэн  ылан
          төрөппүт  бастакы  уола  Багдасын  (Багдааһын)  1410  сыллаахха  төрөөбүт  диэн
          (Тыгынтан  төттөрү  ааҕар)  этэрин  ылынар  буоллахха,  Эллэй  дьоно  билиҥҥи
          Саха сиригэр кэлиилэрэ XIV үйэ бүтүүтэ, XV үйэ саҥатыгар эбит диэн бигэр-
          гэтиэхпитин соп.
             Сахалар  хас  да  түһүмэҕинэн  кэлбиттэрин  кэрэһилиир  Сэһэн  Боло  хомуй-
          бут  Омоҕой,  Эллэй,  Хоро  туһунан  үһүйээннэригэр  сүрдээх  чуолкайдык  кэп-
          сэнэр.  Холобур,  (көр,  Сэһэн  Боло  «Сахалар  төрүттэрэ  уонна  кыргыс  үйэтэ».
          Үһүйээннэр.  —  2006 с.)  II  Курбуһах киһитэ А.А.Пестряков-Мандыс уола  1934
          сыл, от ыйын 20 күнүгэр суруйтарбыт «Сахалар» диэн үһүйээнигэр: «...Омоҕой
          Баай,  Эллэй  Боотур  кэлиэхтэрин  иннинэ  Өлүөнэҕэ  сахалар диэн  туспа  олох-
          тоох, майгылаах омуктар олоотторо үһү... Ол гынан баран урут хантан кэлэн бу
          дойдуну булан  олорбуттара дуу,  олохтоохторо дуу өрүү  сэһэн  буолбат.  ...Арай
          кинилэр  ааттара  «саха,  сахалар»  уонна  синньигэс  төбөлөөх,  уллуҥнаах  (буута
          суох),  буллу батыһан:  кыыллаан,  үөннээн  (балыктаан)  аһаан  олорооччу элбэх
          аймах  дьон  бааллара  үһү  диэн  буолара»,  —  диэн.  Өскөтүн,  Омоҕой,  Эллэй
          дьоно билиҥҥи Саха сиригэр XIII үйэҕэ Чыҥыс хаан сэриититтэн уонна кини
          уола  Джучи  күүс  өттүнэн  үүрүүтүттэн  үтүрүллэн  кэлбиттэр  диир  буоллахха,
          Мандыс  уола  «кэпсиир  сахалара»  быдан  былыр,  кытай  источниктарыгар  су-
          рулларын  курдук,  VII  үйэ  эргин  кэлбит  буоланнар  хаһан  кэлбиттэрэ  кэпсээн
          10
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19