Page 161 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 161

ЭЛЭС БООТУР                                                                         145









                                                Халыарыйан айаннаата.
                                                Эмэх мастары
                                                Эмтэритэ тэптэрбитэ —
                                                Эмэн эмээхситтэр буолан
                                                Энэлиһэ, эймэнэ хааллылар.
                                        5000 Чуор мутуктары
                                                Тоһута үктэппитэ —
                                                Чобуо уолаттар буолан
                                                Чообурҕаһа хааллылар.
                                                Толуу тииттэри
                                                Тоҕута көтүппүтэ —
                                                Тойон дьоннор буолан
                                                Добдугураһа хааллылар.
                                                Хатыҥ мастары
                                                Хайыта көтүппүтэ —
                                        5010 Хатын дьахталлар буолан
                                                Халаатаһа хааллылар.
                                                Үөт талахтары
                                                Үлтүрүтэ үктэппитэ —
                                                 Симэхсин эмээхситтэр буолан
                                                 Мэнэрийэн илгистэ хааллылар.
                                                Турар төҥүргэстэри
                                                Туурута тэбиэлэппитэ —
                                                 Сур бөрөлөр буолан
                                                 Онолуһа, улуйа хааллылар.
                                        5020 Сытар сыгынахтары
                                                 Сыҕарыта тэптэрбитэ
                                                 Сырҕан эһэлэр буолан
                                                 Ырдьыгынаһа хааллылар.
                                                 Ойуттаҕын ахсын уоҕуран,
                                                 Тэбиннэрдэҕин ахсын тэбиэриһэн,
                                                 Уохтаах айаны
                                                 Оройуттан харбаан,
                                                 Улуу хайалары
                                                 Олугун икки ардыгар быраҕан,
                                        5030 Күлүмэх айаны
                                                 Көҕүлүттэн тутан
                                                 Көһүнэн сири
                                                 Күөнүн анныгар хаалларан
                                                 Күлүмэхтик көтүтэн иһэн
   156   157   158   159   160   161   162   163   164   165   166