Page 159 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 159
ЭЛЭС БООТУР 143
4920 Чиҥэтэ эрийэн
Чирчигинэппитинэн барда.
Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур
Киэн көхсө
Сүүтүктээҕэр кыараата,
Уһун дэлэгэй санаата
Саптааҕар кылгаата.
Тыыннаах буолар кыһалҕатыттан
Өлүү уолун үлүгэрдээҕин
4930 Өрүһүйэ оҕуста.
Босхолуурун кытта
Аан күдэн тыыннаах
Адьарай аймаҕын
Аҥаарыйар ааттааҕа
Ый быыһа
Ытыс таһынар
Ыас хараҥаны түһэрээт,
Хамса буруотун курдук
Унаарыс гынан хаалла.
4940 Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур
Сүөм түһэн,
Харыс ханнан,
Хотун ойоҕор
Киирэн кэлбитэ —
Кубус-кураанах,
Онно эрэ
Оҥойон хаалбыт.
Көмүс түөстээх
4950 Күндү күөрэгэйин
Көстө көтүтэн,
Үүтүн тохпут
Үстээх 01)0 курдук
Төбөтүн түөһүгэр түһэрэн
Тууйуллан, тумнастан турда.
Убайдарыгар бардаҕа дуу диэн
Бастакы ураһаҕа тиийдэ.
Улахан балта

