Page 163 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 163

ЭЛЭС БООТУР                                                                        147









                                               Күдэн мэник,
                                               Далга баппат далаҕа,
                                               Киссэ быстар киһиргэс,
                                               Улаан ньуургун
                                               Одуулаан көрдөххө
                                               Урааҥхай оҕото эбиккин,
                                               Үтүө мөссүөҥҥүн
                                               Өйдөөн көрдөххө
                                      5080 Үс саха төрүөҕэ эбиккин.
                                               Өлүү уолун
                                               Үлүгэрдээҕин кытта
                                               Хаһааҥҥыттан ыла
                                               Үөлээннээх доҕор буолан
                                               Өлөрүттэн өрүһүйэн
                                               Үлүгэри оҥоттордуҥ.
                                               Хойутаан эккирэтэммит
                                               Куоттаран кэбистибит.
                                               Кэниэрдээх кэрис-бараан дойдуга
                                      5090 Киирэр кирбиигэ,
                                               Алдьархайдаах аллараа дойдуга
                                               Айанныыр аргыардаах аартыкка,
                                               Үс бүүрүктээх
                                               Үөдэн дьөлөрү түгэҕэр
                                               Түҥнэри түҥкэлийэн түһэр
                                               Кунан оҕус
                                               Куолайын курдук
                                               Хоролҕон хара аартык айаҕар
                                               Арыый урут тиийэн
                                      5100 Куотан курбас гынан эрдэҕинэ,
                                               Нэһиилэ өрүһүйэн
                                               Тимир наҥнаһын сэлээппэтин
                                               Туура тардан хааллым.
                                               Орто уол
                                               Тимир тиһилик курун
                                               Быта курдук
                                               Быһа тардан кэбистэ.
                                               Оттон оччугуй уол,
                                               Тутуулааҕын тутуулаах,
                                       5110 Тимир куйах бүтэй
                                               Тыын сирин
   158   159   160   161   162   163   164   165   166   167   168