Page 167 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 167
ЭЛЭС БООТУР 151
О һоллоох орто дойду ОҔОТО
Уйана-хатана биллэр,
Эрэйи эҥэринэн тэлэр,
Сору сототунан солуур,
Муну муннунан тыырар,
Сыккырыыр тыына
Сап саҕаттан иҥнэр,
5150 Үс төгүл
Өлө-өлө тиллэр
Киирбит эргийбэтэх,
Түспүт төннүбэтэх
Алдьархайдаах аллараа дайды
Аргыардаах аартыга
Арҕах аанын курдук
Аҥайа сытарыгар
Ата кэлэн
Хорус гына түстэ.
5160 Элэс Боотур
Эһэ Хара атын:
«Этэҥҥэ сылдьан
Эргийэр күннээх буоллахпына,
Ыҥырдарбын эрэ,
Ыраах да буолларгын,
Ыкса баар буолаар», — диэт,
Күөх хонууга
Көҥүл күүлэйдэтэ
Ыксал бөҕөнөн
5170 Ыыта оҕуста.
Ааттаах- су олл аах
Аартык айаҕа
Арыллан- аһылл ан
Аҥайа сытарын
Өҥөйөн көрбүтэ:
Элэҥ-сэлэҥ эккээйилээх,
Эрийэ-буруйа суоллаах,
Эрэй-буруй эҥэрдээх,
Энэлгэннээх- сынал ҕаннаах
5180 Эҥсэлийэ хаан аартык
Эҥэлдьийэн түһэ турда.
Эһэ Хара аттаах

