Page 169 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 169
ЭЛЭС БООТУР 153
«Биир сымыыт
Ханна сытыйбатаҕай,
Биир уол оҕо төрөөн
Ханна өлбөтөҕөй!» — диэт,
Түү мээчик курдук
Тэйиэккэлээн КЭЛ эн,
Үөгүлүү түһээт
5230 Үөрбэлэри үрдүнэн ыстанна.
Унуоргу өттүгэр
Ойон иһэн,
Халыҥ этин
Харыс кэриҥэ
Хайы көтөн
Хаана ыһылла түстэ.
Ити аайыттан эмсэҕэлээн
Иэдэйиэх-иҥниэх
Эр бэрдэ буолуо дуо,
5240 Унуоргу өттүгэр тиийэн
Тоҥ тимир курдук
Тура түстэ.
Тохтоон туруо дуо,
Түгэх дойдуга
Түҥнэри түҥкэлийэн
Түһэ турда.
Хоролҕон хара аартык
Киирэн истэҕин аайы
Куолай курдук
5250 Кыараатар-кыараан,
Кэлин уһугар тиийэн
Ү өһэттэн-аллараттан
Ыас хара таастар
Ыпсыһа түһэннэр,
Сири иһит
Сиксигин курдук силбэһэннэр,
Аллаах ат
Тииһин тыаһын курдук
Кибиргэччи-хабырҕаччы,
5260 Хаакыр-күүкүр
Аалса турар,
Үрдүнэн үрүҥ чыычаах

