Page 174 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 174

158                                                                  П. В. ОГОТОЕВ










                                 Киргиллээҕинэн киэргэммит,
                                 Кини кэргэнинээҕэр өссө ордукка дылы
                                 Кэрэттэн-кэрэ бэйэлээх,
                                 Кыыс оҕо кылаан бэрдэ
                                 Кинини көрдө-көрбүтүнэн
                                 Күөгэйэн - нусхайан,
                        5420 Күлүмнүү мичиҥнээн,
                                 Нарын-нарыннык наскылдьыйан,
                                 Наҕыллык хааман,
                                 Үс ынаҕын үүрэн
                                 Үөрэн-көтөн
                                 Иһэр эбит.
                                Кэрэ бэйэлээх
                                Кыыс дьахтар
                                Кини иннигэр кэлэн
                                Минньигэс-минньигэстик мичилийэн,
                        5430 Өгүрүк-төгүрүк көрөн
                                Өрөөбүт уоһун өһүлэн
                                Үүннээх ыҥыырдаах
                                Үтүө тылынан
                                Үҥэ-сүктэ турда.


                                Күн Чөмчүүк


                                «Эһэ Хара аттаах
                                Элэс Боотур,
                                Тойон убайым,
                                Тус бэйэҕэр,
                                Тоҥ күөҥҥэр
                        5440 Тоҕус уон тоҕуста гоҥхолдьуйан
                                Дорообо буоллун!
                                Ким-хайа кэлэн
                                Дорообонон тосхойдуҥ диэтэргин,
                                Күн айыы оҕото
                                Күн Чөмчүүк диэммин.
                                Айан киһитэ аччыктаабытыҥ,
                                Суол киһитэ сындалыйбытыҥ буолуо.
                                Сытан сынньанан бараргар
                                Сымнаҕас орон,
                        5450 Аһаан абыранан ааһаргар
   169   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179