Page 177 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 177
ЭЛЭС БООТУР 161
Үс бүүрүктээх
Үөдэн дьөлөрү түгэҕэр
Ооҕуй оҕус батыллар
Оборчо бадарааныгар
Моонньугар диэри
5530 Батары түһэн
Батыллан турар эбит.
Хамсаатар эрэ
Өссө дириҥник
Дьөлө дьуоҕаран
Өһөх хара бадараан,
Аҥкылыйар аһыы уу
Айаҕар киирээри
Быгыахтыы бысхалдьыйар.
Киэҥ көхсө
5540 Сүүтүктээҕэр кыараата,
Уһун дэлэгэй санаата
Саптааҕар кылгаата,
Уһуутуу-уһуутуу
Туймааран турда.
Кэнникинэн арыый кэҥээтэ,
Өрүһүллэр суолу өйдөөтө.
Үрдүк мэҥэ халлаан диэки
Өрө хантайан туран:
«Өлөрүмэҥ, өрүһүйүҥ! »— диэн
5550 Элэ-была тылын этэ,
Эҥсэлийэ турда.
Элэс Боотур
«Дьиэ буо! Дьиэ буо!
Күн кыыһа
Күөгэлдьин удаҕан
Хотун эдьиийим,
Үс бүүрүктээх
Үөдэн дьөлөрү түгэҕэр
Ооҕуй оҕус батыллар
Оборчо бадараанын
5560 Дириҥ дьуоҕатыгар тимирэн
Тыыным быстара

