Page 181 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 181

ЭЛЭС БООТУР                                                                        165









                                                Аҕыс хаттыгастаах
                                                Арилы маҥан халлаан
                                                 Аҕата буолбут,
                                        5680 Тоҕус хаттыгастаах
                                                 Добун маҥан халлаан
                                                 Тойоно буолбут,
                                                 Аан дойдуну айбыт,
                                                 Айыы аймаҕын араҥаччылааччы,
                                                 Күн улууһун көмүскээччи,
                                                 Үүттээх таас олбохтоох,
                                                 Үрүҥ илгэ олохтоох,
                                                 Үкэр куйаас тыыннаах,
                                                 Үүс кыыл тириитэ өлбүргэлээх
                                        5690 Үрдүк нуоҕай бэргэһэлээх
                                                 Үрүҥ Аар Тойон илдьитин
                                                 Этэ, эҥсэ олордо.


                                                 Күн Кыыһа Күөгэлдьин удаҕан


                                                 «Эһэ Хара аттаах
                                                 Элэс Боотур, нойоон!
                                                 Икки тэргэн ыйым тэҥэ буолбут
                                                 Икки кэрэ чуор кулгааххынан
                                                 Этэр тылым эгэлгэтин
                                                 Истэ, сэргэҕэлии тур эрэ!
                                                 Ахсымҥын аччатан,
                                        5700 Дохсуҥнун тохтотон,
                                                 Өлөргүн-тиллэргин өйдөөн,
                                                 Өйдөөхтүк сылдьыаҥ үһү.
                                                 Сүгэ-балта тыллаах
                                                 Сүҥ Дьааһыннар
                                                 Сүдү сүбэлэрин
                                                 Түөн саҕа
                                                 Төбөҥ оройугар түһэрэн,
                                                 Толкуйдаахтык сырыт.
                                                 Үрүҥ Аар Тойон
                                        5710 Өлөр-хаалар күнүгэр
                                                 Өрүһүлүннүн диэн
                                                 Үрүҥ илгэни ыытта,
                                                 Айаххын атан тур», — диэт,
   176   177   178   179   180   181   182   183   184   185   186