Page 56 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 56

56                                                                   П. В. ОГОТОЕВ










                              Yc хонуга
                              Томтойо туолуута,
                              Уот омуна-төлөнө
                              Уҕарыйан эрдэдинэ,
                      1540 Убайдара обургу,
                              Сирэйэ дьэс алтан курдук
                              Кытара кыыһырбытынан
                              Уот ортотуттан
                              Ойон тадыста.
                              Ыга кыыһыран
                              Ыгылл а - ыгылл а
                              Ыххайталаабытынан барда.


                              Элэс Боотур


                              «Кор бу! Кор бу!
                              Холун тиийбэт кубулдаттара,
                     1550 Дьирим тиийбэт дьибилгэттэрэ,
                              Туохха да бадалара-мадалайдара
                              Туолбат бадайылар,
                             Аччыгыйга да айманар
                             Адьарай аһайдара,
                              Солуута да суохтан
                             Санаалара түһэр сордоохтор,
                             Хоп-сип,
                             Хобугунаһыы хаалара,
                             Сии-одуу симэхситтэрэ,
                     1560 Бэлиэ бэлэстэр,
                             Мин бэйэлээх курдук
                             Хара тыа сада
                             Халыҥ хаххалаах,
                             Суорба таас хайа курдук
                             Суон дурдалаах буолан баран
                             Ааһар былыт курдук
                             Албын-көлдьүн
                             Түҥнэри түүлү итэдэйэн,
                             Абааһы уола
                     1570 Атадастаата дии-дии
                             Ытаан-соҥоон
                             Ыҥсалыйа сытыйдыгыт!
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61