Page 60 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 60

60                                                                   П. В. ОГОТОЕВ









                      1690 Саҥардыы суһумнуу сырдаан эрдэҕинэ,
                              Уй истээх,
                              Уҕалдьы тыллаах,
                              Уу харахтаах,
                              Уһаты уллуҥахтаах
                              Улаан ньуурдаах
                              Урааҥхай саха барахсан
                              Уулааҕынан-хаардааҕынан
                              Унаарыччы көрөн
                              Улаҕатын булбатах,
                      1700 Уһугун билбэтэх
                              Улуу добун халлаан
                              Куодалаах хотугу өттүн^Т
                              Холоруктаах кунуһун анныттан
                              Күүстээх салгын салгыйда,
                              Тыйыс тыал гыалырда,
                              Хаҕыс хахсаат хаһыырда,
                             [Дохсун холорук
                              Тоҕу ытыллан түстэ
                              Сирилэс силлиэ
                      1710 Сэтэрэн барда,
                              Улуу буурҕа
                                       оонньоото
                              Хорон? от тостор,
                              Куртуйах кутуруга тиэриллэр,
                              Кута баһа быстар,
                              Кулун көхсө дьөлөрүйэр,
                              Кукаакы хараҕа тэстэр,
                              Уолах тиит
                              Ортотунан булгуруйар,
                     1720 Баай тиит
                              Баһынан барчаланар
                              Кулан буурҕа
                              Күннэри -т ү үннэри
                              Куугунуу ытылынна.
                              Силээхтэ киһи
                              Силлээбит силэ
                              Сиргэ түспэт
                              Силлиэмэтэ сиксилиннэ.
                              Хатын дьахтар
   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65