Page 68 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 68

6 8                                                                  П. В. ОГОТОЕВ









                              Амаан-дьамаан
                              Айаҕын аппаҥнатан,
                              Эһэ часкыйарын,
                      2010 Бөрө улуйарын,
                              Ыт ырдьыгыныырын курдук
                              Ыпсаҕайа да суох буоллар
                              Ыллаан ыыра сытыйда.



                                  Үөс Тардар


                              «Эһэ Хара аттаах
                              Элэс Боотур,
                              Тойон кынныһах,
                              Тус бэйэҕэр,
                              Тон күөҥҥэр
                     2020     Дорообо буоллун!
                              Хайа дайды
                              Хаспаҕыттан хамнаан,
                              Туох дойду
                              Дьуоҕатыттан туран,
                              Ким-хайа кэлэн
                              Дорообонон тосхойдуҥ диэтэргин,
                              Алдьархайдаах аллараа дайды
                              Аҥаарыйар aarraagaj
                              Өһөгөйдөөх үйэҕэ үөскээбит
                     2030 Үөс Тардар
                              Өһөх Хабар
                              Үс Күлүк,
                              Түҥнэри Холорук,
                              Тимир Дьигистэй обургу
                              Илэ бэйэбинэн,
                              Дьиҥнээх дьүһүммүнэн
                              Тиийэн, тиксэн кэллим.
                              Хантан хааннаах,
                              Хайа бэйэлээххин,
                     2040 Кимтэн кииннээх
                              Ким-хайа кэллиҥ,
                              Удьуоргун умсуй,
                              Төрдүгүн түөс диэтэргин:
   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73