Page 69 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 69

ЭЛЭС БООТУР                                                                          6 9









                                               Сор суоллаах
                                               Соллоҥ Буурай тойон диэн
                                               Аҕа сада
                                               Аҕаттан айыллыбытым,
                                               Иэдээн эҥэрдээх
                                               Эгэс Буурай эмээхсин диэн
                                       2050    Ийэ курдук
                                                Ийэдэ иитиллибитим.
                                               Хара хаан олбохтоох
                                               Хаан Сарахайдаан диэн
                                               Улуу удаҕан дьаалы
                                               Ааттаах дьахтар аҕастаахпын,
                                               Чуучугуруур туус тумус,
                                               Чаачыгырыыр таас таҥалай,
                                                Кыптыый сарын,
                                                Кытаҕас тарбах,
                                       2060     Кыһыах тыҥырах,
                                                Тутум тэллэх,
                                                Түптэ кутурук,
                                                Түөрэх сыалдьа,
                                                Ньаалбаан туһахта,
                                                Хойуос тумус,
                                                Ходьоҥ тобук,
                                                Салыбыр сэҥийэ,
      ■ • >1’*4 ’ 5^ - Г                        Сарылыыр сараһын,

                                                Сытыы кыыс
                                       2070     Сырбай Куо диэн
                                                Мааны балыстаахпын.
                                               ГГуох туһааннаах соруктаах
                                                Туналданнаах тусаһабытыгар
                                                Тиийэн-тиксэн кэллиҥ диэтэргин:
                                               ГЭн бэйэлээх
                                                Эн-мин дэсиһэн
                                                Бииргэ төрөөбүт
                                                Бастыҥ-мааны балтыгын
                                                Адыс былас суһуохтаах
                                       2080     Айталыын Куо барахсаны
                                                Хоойго сытыарар
                                                Холоонноох додор оностоору,)
                                                Тэллэххэ тиэрийэр
   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74