Page 64 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 64

64                                                                    П. В. ОГОТОЕВ









                      1850 Хаһыырар оройугар
                              Хараҥа былыкка
                              Өрө сүүрэн
                              Лүһүгүрэйэн таҕыста.
                              Үс хартыгастаах
                              Өндөл маҥан халлаан
                              Үрдүк өрөһөтүн
                              Күлүмнүүр күөнүгэр,
                              Киҥкиниир киэҥ халлаан
                              Киэҥ уораҕайыгар
                      1860 Күөх төлөннөр күлүмнэстилэр,
                              Сындыыс уоттар сырыстылар,
                              Садара кыымнар сардырҕастылар.
                              Тоһуттар чаҕылҕан
                              Тоҕута курбуулаата,
                              Сарадах чаҕылҕан
                              Самнарыта саайталаата,
                              Уот субурҕан чаҕылҕан
                              Суптурута сүүрдэ.
                              Күндүл күөх халлаан
                      1870 Түөрт өттүттэн
                              Түөрт күүрүүлээх этиҥ
                              Тоҕута ыстаннаа
                              Арылы маҥан халлаан
                              Аҕыс дьайыҥыттан
                              Аҕыс хабараан этиҥ
                              Хайыта ыстанна,
                              Добун маҥан халлаан
                              Тоҕус муннугуттан
                              Тоҕус дорҕоонноох этиҥ
                      1880 Тоҕута барда.
                              Илбистээх этиҥнэр
                              Сир сиҥниэр,
                              Халлаан хайдыар диэри
                              Тоҕус уон тоҕус төгүл
                              Доҕута дьааһыйталаатылар.
                              Ол кэнниттэн
                              Туллук сымыытын саҕа
                              Тоҥ муус толонноох
                              Дохсун ардах
   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69