Page 65 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 65

ЭЛЭС БООТУР                                                                          6 5










                                       1890 Тоҕус түүннээх күнү мэлдьи
                                                Тохтоло суох
                                                Тоҕу суккулунна.
                                                Онтон
                                                Бороон торбос
                                                Баһын саҕа
                                                Тоҥ муус тобурах
                                                Тоҕу түһэн,
                                                Тоҕус саһаан кэриҥэ
                                                Төттөрү тэйиэккэлии турда.
                                       1900 Ол кэлин өттүттэн
                                                Буур тайах
                                                Буутун түүтүн
                                                Бурҕайа ыспыт курдук
                                                Бурҕаат хара былыттар
                                                Бурҕачыйан таҕыстылар,
                                                Бургунас ынаҕы
                                                Муоһунан холобурдаах
                                                Буордаах хаар түһэн
                                                Муналытан кэбистэ.
                                       1910 Ол кэнниттэн
                                                Будул туман былыт
                                                Будулуйа көтөн тахсан
                                                Халлааны хаххалаата
                                                Хараҥанан хаайда.
                                                Онтон, уон хонук устата
                                                Тиити төргүү мутугунан холобурдаах
                                                Көмнөхтөөх хаар түһэн
                                                Күдээритэн кэбистэ.
                                                Онтон эмискэ,
                                        1920 Били алдьархайдаах аан силлиэмэтэ,
                                                Ороскуоттаах улуу буурҕата
                                                Уурайа охсон хаалла, '
                                                Халлаан халлан хабырытынна,
                                                Киһи сирэйин
                                                Сытыы чыпчахайынан
                                                Быһыта биэрэр курдук,
                                                Тымныы тыал
                                                Тыалыран кыйыһытта,
                                                Сүһүөхтээх таба тирэммэт
   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70