Page 70 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 70

7 0                                                                   П. В. ОГОТОЕВ






                                                           QX                   / у

                             Тэҥнээх доҕор гынаары
                             Хол дойдуттан хоһуйтаран,
                             Тэгил дойдуттан тэлэһийэн,
                             Аҕыс халбарыйбат хараҕалаах
                             Аартык хатыны арыйан,
                             Тоҕус тулхадыйбат кулугулаах
                     2090    Дорҕоонноох суолу тобулан,
                             Күтүөт оҕо буолан күөкэйээри
                             Киэргэнэн аххан кэлэн,
                             Тойон кынныһах
                             Тоһуйа тахсан,
                             Тэһиин тутан,
                             Дьиэл аһан
                             Олбох ууран,
                             Күндүлээн-маанылаан
                             Күндүтүк көрсөөрөй диэн
                     2100    Кэтэһэн аххан олоробун. '
                             Айах туппат буоллаххына,
                             Айан киһитин аралдьытыма,
                             Күндүлээн көрсүбэт буоллаххына
                             Суол киһитин тутума, '
                             Улахан балтыгын
                             Аҕыс былас суһуохтаах
                             гАйталыын Куо барахсаны,
                             Ньыгы - ньыгы ньыгыйыкпын,)
                             Ньыкырдыырым оҕотун
                     2110    Таҥара табатын курдук
                             Таныннара охсон
                             Таһаара тардый_! \
                             Биэрэргин-биэрбэккин
                             Бэрт түргэнник
                             Биллэрэ оҕус!
                             Биэрдэргин да ылыам,
                             Биэрбэтэргин да ылыам! »— диэтэ.


                             Үөс Тардар обургу
                             Үөлэс үүтүнэн
                     2120    Өҥөйөн олорон
                             Ыт ырдьыгыныырын курдук
                             Ыллаан ыыра сытыйбытыгар,
   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75