Page 80 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 80

8 О                                                                  П. В. ОГОТОЕВ









                               «Һоо татат,
                               Тоҕус туруйа баһа
                               Тосту сытыйдын!» — диэт,
                               Тоҕус саһаан сиргэ тиийэн
                               Соҕотох атаҕар
                               Суодахыс гына тура түһээт:
                               «Бу хайа дайды
                      2480 Төбөтүн оройунан көрбүт
                               Аар-акаары чолоҕоро
                               Мин бэйэлээх
                               Тоҥ күөммүттэн толлубакка
                               Дьээбэлэнэ турар ?»— диэт,
                               Хоппо күрдьэх саҕа
                               Куораан-далай ытыһынан
                               Чарапчыланан,
                               Сэттэ сиринэн
                               Сиикэй эт бэргэ эргэлээх
                      2490 Хаспахтаах харалҕан хараҕын
                               Кыараҕас далыгар
                               Кыайан киллэрэн
                               Таба көрбөккө,
                               Буспатах мунду миинин курдугунан
                               Будулуччу корон турда...


                               Эһэ Хара аттаах
                               Элэс Боотур
                               Ити улуу күтүр,
                               Уллуҥ сирэй
                      2500 Дьиҥнээх сүдьү бараа дьүһүнүн
                               Дьэ үчүгэйдик
                               Өйдөөн-дьүүллээн көрдө,
                               Дьэ, кырдьык даҕаны,
                               Алдьархайдаах аллараа дайды
                               Аҥар харахтаах,
                               Аҥардас илиилээх,
                               Ап-чарай тыллаах,
                               Айаҕымсах адьынаттаах
                               Атара кутурук
                      2510 Сэттэ уон сэттэ
                               Симэлийэр дьибилгэттээх,
   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85