Page 79 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 79
Ураа муостаах,
Чаан олгуй сада
Уот сүлүүдэ харахтаах,
Уотунан уһуурар
Кутаа уот бэлэстээх,
Алдьархайдаах аллараа дайды
2440 Аҥаарыма атыыр оҕуһун
Аҕыс атахтаах
Лиһир хара сыарҕаҕа көлүйэн
Лаһыр ойутан,
Лаҥкыр көтүтэн,
Сындыыс сулустуу
Сыыйылыннара сүүрдэн,
Сири сэттэ саһаан холобурдаах
Тоҕу солоон
Тойон сэргэтигэр кэлэн
2450 Суос-соҕотохто хорус гына түстэ...
Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур обургу
Абааһы уолун адьырҕата
Адаҕыс гынан
Түргэн үлүгэрдик
Түһүөн икки ардыгар
Тутум атахтаах
Луо-бээгэй оҕуһун
Уотунан уһуурар,
2460 Өлөрөр-өһөрөр
Үлүгэрдээх төбөтүн
Түллэ түһээт
Төҥүргэс курдук
Туура тардан ылла да
Тойон иччитин
Сыыр быстыбытын курдук
Сылласта сытыйбыт сымыһаҕын
Быыппаста түһээт,
Быһа быраҕан кэбистэ.
2470 Үөс Тардар
Өһөх Хабар обургу
Киһи эрэ буоллар син соһуйан:

