Page 142 - Олоҥхо биһигэр
P. 142
бииргэ үөрэнэр аһара дьээбэлээх Татаринов Сеня (Семен Ксенофонто-
вич): «Ол омуһах саппанньалары, дьиэ сабараанньалары түспүт андыга
үөмтэрэр сир хайдах орпутай?», — диэн сүр тэбэнэттээхтик тулатын
көрүнэ-көрүнэ ыйыппытыгар оҕонньорбут онтон өһүргэнэн, туран
баран хаалла.
Иккис түбэлтэ. Каникул саҕана оҕонньорбут кэлбитигэр эмиэ
тылбытыгар киллэрэн кэпсэттибит. Онно кэпсиир: «Дьэ туран, хоту
ханна эрэ биригээдэнэн балыктыы сылдьыбыттар. Биирдэ биир
аарыма улахан үрүҥ эһэ кинилэри буулаабыт. Хас да хонукка бултата
таһаарбатах. Ол эһэ уорун-кылынын, наһаа улаханын кэпсии олорон
оҕонньор ах баран тохтуу түстэ уонна туох да холоонноох тэҥниирэ
суох буолла быһыылаах: «Хараҕа ити түннүк саҕа», — диэн саха дьиэтин
түннүгүн ыйан кэбистэ. Онуоха эмиэ ол Татаринов Сеня быһа түһээччи
буолла: «Ок-сиэ, оччоҕо бу дьиэҕэ баппат улахан эһэ буоллаҕа дии», —
диэн күлэн чачытыраабытыгар оҕонньорбут эмиэ өһүргэнэн баран
хаалла. Уопсайынан, тэҥнэбилэ күүстээҕинэн, кэпсии олорор сэһэнин
күүһүрдэн омуннааһынынан, тыла-өһө баайынан киһиэхэ сүрдээхтик
сөбүлэтэр кэпсээнньит этэ.
Кэлин Тойтуун Уйбааннаахха биһиги дьукаах олорбуппут. Оччолор-
то кини Орто Эбэ Арыылааҕар атыьтааччылыыр этэ. Сүрдээх саҥалаах-
иҥэлээх, күлүүлээх-оонньуулаах, сэһэнньит, кэпсээнньит бэрдэ этэ.
Эмээхсинэ Өксүү диэн сүрдээх аламаҕай, эйэҕэс-сайаҕас барахсан.
Бырааһынньыктарга, кыра бэлиэтээһиннэргэ өрө көтөҕүллэн олорон
этэр буолара: «Дьэ, итинник буоллаҕына, мин Ааналаах Көстөкүүҥнэ
ыллаан иһитиннэрэбин», — диэн икки өттүгэр иҥнэлдьийэн ааҕан
субурутан, «дюэ-буолаан» ыллаан барара. Кини симик буолан баран,
дьон киэниттэн атын мелодиялаах, киириилээх-тахсыылаах дьүрүһүтэн
ыллыыра. Быстах ону-маны кэпсииригэр «туо-туо» диэн таттаран
саҥарара. Туох диэн ис хоһоонноон ыллыырын өйдөөбөппүн буолан
баран, ханнык эрэ олоҥхону толорор быһыылааҕа. Кэлин өйдөөтөххө,
улахан олонхоһутун, киниттэн туох да сурукка-бичиккэ киирбэтэҕин
киһи хомойо истэр.
Туойарыттан ураты дуобаты ордук сөбүлүүрэ. Төһө күүстээх оон-
ньооччутун билбэтим эрээри аҕабын өрүү «оонньуохха» диэн мискийэн
тахсара. Арыылаахха оччолорго Сивцев Лэгиэн диэн улахан дуобатчыт
баара. Кини Харыҥ Уйбаан диэн оҕонньордуун Иркутскай уобаласка
тиийэ баран дуобаттаабыттара биллэр. Сивцев Лэгиэн Уйбаан дуобаты
сөбүлүүрүн билэр буолан хам-түм охсуллан ааһара. Дю, оччоҕо Уйбаан
дьиибэтэ дэлэ дуо, «дуобатгыахха» диэн хаайан аҕабынаан көмөлүүллэрэ
да өрүү кыайтарар этилэр. Онон сылыктаатахха, Лэгиэн улуу оонньооччу
эбитэ буолуо.
Тойтуун Уйбаан кэпсээтэҕинэ, сэһэргээтэҕинэ тула ыаллар мустан
истэр этилэр. Дьиибэтигэр аһара дьээбэлээх, тылын кырааската бүппэт,
салгыппат сэһэнньит быһыылааҕа.
Мин биир кэпсээни өйдөөн хаалбыппын. Эдэригэр эмиэ онон-
манан сылдьымахтаабыт, куоракка үгүстүк тиэстибит. Дьэ, биир-
13В

