Page 72 - Олоҥхо биһигэр
P. 72

сылларга  сьщцьара,  олоҥхолуура  үһү.  Мин  аҕам  кинини  хаста да  ис-
        тибит.  Кини биир маннык түбэлтэни кэпсээбитэ:  бастаан син атыттар
        курдук атаҕын оллооннуу ууран, лоп-бааччы олорон олонжшоон испит.
        Онтон улам итийэн, илбиһирэн истэҕин аайы киһилэрэ харахтарын быһа
        симэн,  икки өтгүнэн хайыаланан дьалкыһыйа-дьалкыһыйа,  этэ-сиинэ
        бүтүннүү хамсаан киирэн барбыт. Бэйэтиттэн бэйэтэ тэбиэһирэн, тыла-
        өһө иччитийэн, харыылаах үрэх төлө барбытын курдук тохтоло суох тоҕу
        суккуйан этэн субурута олороро аһара сөҕүмэр, хайдах эрэ саллыылаах
        курдуга  үһү.  Чычаас  куттаах  одо-уруу  өттө  дьиксинэн  сирэй-харах
        буолталаан ылбыттар. Мин кинини  1935 с., эппитим курдук, нардомҥа
        эрэ дьэрис истибитим.  1942 с.  өлбүтэ.

                                                                 //,Д. Бурцев
           «Умнуллубат дьүһүннэр» кинигэттэн


                        1.6.3.  ОЛОҤХОҺУТ  МИИТЭРЭЙ
             М иитэрэй  Говоров  1896  сыллаах  биэрэпискэ  ийэтинээн
        иккиэйэҕин  олорбуттар.  Кинини  кытта  бииртэ  үөскээбит  үөлээн-
        нээхтэрэ  этэллэринэн  Саһылыкааҥҥа  төрөөбүт  Кэтириис  диэн
        кэргэннээҕэ Арыылаахха олорон өлбүт. Онтон огдооботуйан сылдьан
        онно-манна  тиийтэлээбит.  Бодойбоҕо  эмиэ  тиийбит  да,  онно  хас
        сыл  олорбута  чуолкайа  биллибэт.  Сэрэйэ  соҕус  эттэххэ,  1900  сыл
        саҥатыгар  М эҥэ улууһуттан иккис кэргэнин  Мааппа диэн дьахтары
        сүгүннэрэн аҕалбыт.  Мааппа балта дуу,  эдьиийэ дуу Матырыас ман­
        на Баһылай Даниловка сүктэн кэлэн тоҕус уонуттан тахсан тоҥхойо
        кырдьан олорон танаралаабыта.  Мааппа бииргэ төрөөбүттэрэ Ааны-
        ка,  Балбаара,  Бараскыабыйа  уонна  Баһылай,  Уйбаан  Находкиннар
        дойдуларыгар дьоллорун булан олороллор.  Олоҥхоһут улахан кыыһа
        Өрүүнэ  1903  сыллаахха  төрөөбүт.  Кини  I  Өлтөх  Яков  Петрович
        Алексеевка  кэргэн  тахсан,  икки  кыыстанан  80  сааһын  ааһан  баран,
        аннараа дойдуга аттаммыта. Аччыгый кыыһа Аана Ньукулайга кэргэн
        тахсан,  2  кыыс,  2  уол  оҕоломмута,  билигин  ыал  эбэтэ.  Уола  Инно­
        кентий  1916  сыл  төрүөх,  «Бэйдиҥэ»  колхоз  чилиэнэ.  Аҕа  дойдуну
        көмүскүүр сэриигэ  ыҥырыллан  баран  1943  сыллаахха уоттаах сэрии
        толоонугар  охтубута.
             Говоров Дмитрий Михайлович 1917 сыллаах биэрэпискэ кэпсээ-
        битинэн  1  оҕус,  6 ынах,  барыта  12  сүөһүлэнэн,  оттуур уонна бурдук
        ыһар сирдэнэн быр-бааччы олорбут эбит. Кини бөһүөлэк илин уһугар
        Нымсыраҕа кыстыыра,  онтон чугас  Олуйаҕа  сайылыыр  этэ.
             1934  сыл  сайын  киниэхэ  Сэһэн  Боло  кэлэн  ааспыт.  Омоҕой,
        Эллэй баай туһунан сэһэргэспиттэр.  Онтуката  1960 сыллаахха «Саха
        былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» диэн Эргис хомуйан оҥорбут
        кинигэтигэр  бэчээттэммитэ.
             Ону тэҥэ кини Эллэйтэн саҕалаан бэйэтин олодун  14 көлүөнэҕэ
        тиийэ  ааттаабыт.  Онно,  холобур,  Говоровтар  өбүгэлэрэ  манныктар

        6 8
   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77