Page 70 - Олоҥхо биһигэр
P. 70
сирэйдээх-харахтаах, ортону үрдүнэн киһи эбитэ үһү. Мин улаханнык
кырдьыбытын, этин-хаанын сууйбутун кэннэ көрөр этим. Миитэрэй
эдэригэр адьаһын эдэригэр саҕалаан баран, 90-тан тахсыар диэри
олонхолуурун уураппатаҕа. Өлтөххө кинини кытта биир кэмн э үөскээбит
олоҥхоһуттар хаһыалар даҕаны. Сорохтор, холобур: Данилов И.И.
(Уобуруччулаах Уйбаан), Говоров М.Ф. (Чөмөх), Жирков П.Н.
(Бүөччээн) обургу олоҥхоһутгар эрээри, Миитэрэй оҕонньор күлүгэр
киэҥник биллибэккэ ааспыттара. М иитэрэй оҕонньор күннээн
олоҥхолоон сылдьар кэмигэр үгүстүк бэйэтэ-бэйэтигэр олоҥхолуур
вдэлээҕэ. Мае тиэйэ сылдьан оҕуһун булгутан, төҥүргэскэ олорон, сайын
отгуу сылдьан отуутугар тахсан эбэтэр дьиэтигэр соҕотоҕун олорорун
көрөннөр ыаллара, билэр дьоно «киһибит сэлиэрийээри гынна ээ»
диэн дьиксинэллэрэ. Сорохтор толооһурҕаан ыйыттахтарына: «Арды-
гар наадыйар тылгын сүтэрэн кэбиһэҥҥин бэркэ эрэйдэнэҕин, муучу
буолаҕын. Онтукаҕын эмискэ өйдөөн булан ылаҕын. Ону сонно тута
олоҥхолооҥҥун оннун булларан кэбиһэҕин. Оччоҕуна өйгөр хатанар,
иккиһин умнуллубат», — диирэ.
Манна улахан олоюсоһут олоҥхотун тылын-өһүн чочуйар ньымата,
син суруйааччыга, поэкка майгынныырдык олус кичэйэн, сыралаһан
үлэлиирэ, тылы көрдөөн эрэйдэнэрэ көстөр. Олоҥхоһут Миитэрэй
олонжпун тылыгар сыһыанын атын өттүтгэн характеристикалыыр иккис
түбэлтэни эмиэ нэһилиэгин кырдьаҕастара ахталлар: Миитэрэй лаппа
сааһырбытын кэннэ чугаһыгар эдэр олоҥхоһут үөскүүр. Ситэрэн-хоторон
аһара сиэллээн-кутуруктаан этэр, уус тыллаах киһи эбит. Дьоҥҥо бэркэ
биһирэнэр. Дьэрис истиигэ оҕонньоруда баһыйыах курдук буолан барар.
Саҥата суох сылдьымахтаан баран оҕонньор биирдэ ыалга көрсөн этэр:
«Сарсын киэһэ тиийиэм, олоҥхоҕун истиэм этэ». Киһитэ сөбүлэһэр.
Эппит кэмигэр тиийэр, чугас эргиннээҕи дьон мусталлар. Миитэрэй
бэйэтин гиэнин, биир саамай таптыыр ологосотун эдэр киһи олоҥхолоон
дьэргэлдьитэр. Олоҥхо ортолоон эрдэҕинэ, оҕонньордоро этэр: «Тох-
тоо эрэ, нохоо, хаарыан олоҥхобун бөххөр-сыыскар тэпсэн кэбиһээри
гынныҥ ээ. Олоҥхону ити курдук аҥаар кырыытытган аһара чааҕырдаан
олоҥхолообот баҕайы. Тугу эмэ анаан хоһуйар, алгыыр дуу буоллахха
ити курдук сиэллээн-кутурукгаан этиллиэхтээх. Олоҥхоҕо үгүс өттө су-
дургу соҕус буолан баран, күүстээх-уохтаах тыллар наадалар. Бу курдук
олоҥхолуур баҕайы, иһит», — бэйэтэ ситэри олонхолуур. Кырдьаҕас
олоҥхоһут бу тыллары урукку идэтийбит олоҥхоһуттар олоҥхолорун
тылыгар-өһүгэр хайдах сыһыаннаһалларын, туох да хаама-хааччаҕа суох
аҥаар кырыытыттан чааҕырдыыры, дьэрэкээнниири сөбүлээбэттэрин,
ханна ситэрэн, сиһилээн этии, ханна «судургу күүстээх-уохтаах» тыл
лар наада буолалларын, бэрт мындырдык арааран өйдүүллэрин, тылы
кэмчилээн, билэн-көрөн тутталларын көрдөрөллөр.
Миитэрэй олоҥхоһутун таһынан норуот былыргытын Эллэйтэн,
Омоҕойтон саҕалаан улуустар, нэһилиэктэр аҕа, ийэ уустарын төрүт-
тэригэр тиийэ, норуот өйүгэр туох эмэ бэлиэни хаалларбыт дьоннор
тустарынан араас сэһэннэри, легендалары, алгыстары, андаҕары мунура
6 6

