Page 97 - Олоҥхо биһигэр
P. 97

итэҕэстийэн, мунчааран, муҥарахсыйан олорбуттар.  Кинилэр даҕаны
       оҕо  тураарай  диэн,  алгысчыт  бөҕөнү  алҕатан,  ситии  быстарынан
       ойууннаган,  төрөппүт  оҕолоруттан  05 0  абааһытын  аралдьытаары
       көтөр-сүүрэр  аатынан  ааттаан  даҕаны  уонна  оннооҕор  өрүс  уҥуор
       күрэттэрэн  көрбүттэр да,  оҕо турбатаҕын  курдук турбатах.
            Онон  Омуос  кэргэнэ  Маайака  аны  ыалтан  оҕо  ылан  ииттээри
       нэһилиэгин  иһиттэн-таһыттан  05 0  көрдөһөн  көрүтэлээбит  да,  ол
       оҕо өлүүлээх дьоҥҥо  оҕо  биэриэхтэрэ баара дуо,  суох буоллаҕа дии.
       Дьөрү  дьаһыыкка  (көрсүү)  да  оҕото  көстүбэтэх.  Маайака  ол  кэмҥэ
       эмиэ  ыарахан  буолбутун  билиммит.  Аны  туран  манна  эмиэ  биир
       дьиксинэрдээх. Эрдэ мүһэлгэлээх буоллахпына бу тиһэх да оҕолонуум
       буолуон сөп диэн. Онон бу оҕом хайаан да тыыннаах хааларын туһугар
       ессө хайа айыыларбар үҥэн-сүктэн көрөбүнүй дни саныыр  эбит да,
       барыларын  ордорботох  курдук  сананар,  утуйар  уута  көтөр,  аһыыр
       аһын амтана сүтэр. Арай биири эрэнэ саныыра:  быалаһыы эрэ хаал-
       бытын өйдүүрэ эрээри,  олус сэттээх-сэлээннээх суолга киирэриттэн
       толлон, саараҥнаан сылдьыбыт гынан баран,  «оҕо эрэ тыыннаах сы-
       рыттын» диэн санаата батарбакка, доҕоро Омуоһу кытта сүбэлэһэргэ
       быһаарынан  этэр:  «Доҕоор,  Омуос,  ити  Тураах  уола  Туллук  Ньу-
       кулайдаах  былыргы  өбүгэлэрбит  үгэстэринэн,  өссө  Ньукулайдаах
       Өкүлүүн төрүү иликтэринэ,  ис-иһинээҕи эрдэхтэринэ төрөппүттэрэ
       быалаһыыларын  быһыытынан  ыал  буолан  олороллор.  Дьоҥҥо  син
       сатанар  эбит  ээ!  Биһиги  да  туох  айыылаах-харалаах  дьон  үһүбүт?!
       Онон  биһиэхэ  да  сатанаарай  дуу  диэн,  бэйэбит  үөлээннээхтэрбит,
       адьас истиҥ дьүөгэлэрбит ити  Байанайдаах Байбаллааҕы кытта эмиэ
       быаласпыт киһи дуу дни саныыбын. Байбал кэргэнэ Кэтириинэ эмиэ
       ыарахан сылдьар  э э . Дьэ,  ону,  эн туох дии саныыгын?»  — дии олор-
       бут.  Омуос итини истэн үөрэ түспүт уонна:  «Доҕоруом, иэйиэхситиҥ
       имнэннэҕэ,  айыыһытыҥ  таттаҕа?  Ама,  туох диэн  утарсыам  баарай?
       Кырдьык да,  ол  Байбаллаах  оҕолоро  көтөр-дайар  күөрэгэй  чыычаах
       оҕолорун  курдук,  эчи  үчүгэйдэриэн,  чэгиэннэриэн,  чэбдиктэриэн,
       ыраастарыан.  Көрбүт  эрэ  киһи  ымманыйар  оҕолоро.  Хайа  уонна
       ити  Байбаллаах  саҥа  кэлэн  иһэр  ийэ  ууһун  төрүт уус дьоно.  Баҕар,
       кинилэр айыыһыттара холбостоҕуна,  хайа,  биһигиттэн да киһи-хара
       буолар  оҕо  төрөөрөй?  Хата,  күнү-дьылы  таппакка  быалаһа  охсон
       кэбиһиэххэ  баар»,  — диэбит.
            Онон  Омуостаах  оҕолонор  туһугар  ити  тиһэх  сүбэ  булунуула-
       рын  кэнниттэн  уһуннук  тулуйа-тэһийэ  сатаан  эрэй  эҥээрдэммит
       сүрэхтэрэ,  саппаҕырбыт-санньыйбыт  уһун  санаалара  уһуктан,  айар
       айыыларыттан  саҕыллыбыт  саргылаах  санаа  дьайбыт  кэмин  аһаран
       кэбиһиэхпит  диэн  өрүһүспүт  курдук  тиэтэйэн  Байбаллаахтарын
       кытта  ис  иһинээҕи  оҕолоро  уол,  кыыс  буолар  түбэлтэлэригэр  кэр-
       гэннии ыал буолалларын туһунан кэхтибэт, кэһиллибэт кэскиллэрин
       тэрийдэхпит буоллун  диэн  хара  харах  көрбөтүнэн,  хаптаҕай  култаах
       истибэтинэн Дьылҕа  Хаан  аатыгар  уокка  ас  биэрэн,  алгыс,  андаҕар
       тыл  этэн быалаһан кэбиспиттэр.
                                                                       93
   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102