Page 99 - Олоҥхо биһигэр
P. 99

тара диэн дьаахханан оҕолорго, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэрбэккэ, туохда
        дарбаана суох тэрийэн холбооттуурга тыл-тылларыгар  киирсэллэр.
            Сайылыкка  эрэ  киириэх  иннинэ  урут  сүбэлэспиттэрин  курдук
        бэрт сэмээр биллибэтинэн-көстүбэтинэн болдьохтоох күннэригэр күн
        күөрэйэр ортотун саҕана тиийэр гына, сарсыарда эрдэ туран, кыыста-
        ра сүктэр  тэрилин тэрийбитинэн  бараллар.  Ол  сылдьан  кыыс  ийэтэ
        Кэтириинэ туту да  билбэккэ  оронугар  нус-хас  утуйа  сытар  кыыһын
        аһынан-хараастан  ыла-ыла  аргыый  аҕай  тардыалаан уһугуннарар.
            —  Тоойуом,  Суоппуйаа,  тур,  уһугун!  Бүгүн  дьүөгэлэрбитигэр
        Омуостаахха  барабыт.  Баҕар,  эн  онно  букатын  да  хаалыаҥ,  —  диэ-
        бититтэн  соһуйан  кыыһа  олоро түһээт:
            —  Ол  тоҕо?  —  диэн  ийэтин  соһуйбут  хараҕынан  өтөрү
        көрөттүүр.
            Онуоха ийэтэ  кыыһын  баттаҕыттан  имэрийэ-имэрийэ:
            —  Тукаам,  сыччыай,  соһуйума,  оҥоһуу-чаас  оннук!  —  диэн
        истэҕинэ  кыыһа улаханнык дьиктиргээн:
            —  Ол  туох  оҥоһуутун-чааһын  эттиҥ,  ким?  —  диэн  саҥарыах
        бокуойа биэрбэккэ  ыйытар.
            — Аны ол биһигиттэн тутулуга суох, мүччүрүйбэт иэспит буолбуг
        суол,  — диэн  истэҕинэ  кыыһа:
            — Туту, тугу этэҕин? Букатын туту да өйдөөбөппүн. Ситэри этэн
        кээһиэххин,  —  диэн  кыыһа  ыгылыйар  даҕаны,  ыгылытар  даҕаны.
        Онтон  ийэтэ  үөһэ тыыммахтыыр,  устунан  ытамньыйан  барар уонна
        этиллиэхтээх  хайаан  да  этиллиэхтээҕин  санаан  кыатанан  салҕаан
        этэн  барар:
            —  Ооккоом,  тукаам!  Өссө  эһиги  төрүү  иликкитинэ,  ис  иһигэр
        эрдэххитинэ,  Омуостааҕы  кытта  былыргы  абыычай  быһыытынан
        эйигин  ити  Бүөккэни кытта холбооттоон  ыал оҥорорго бары айыы-
        ларбыт  иннигэр  андаҕайан  тураммыт  быалаһан  кэпсэппиттээхпит.
        Ону  билигин  кэлэн  булгутан  кээстэхпитинэ  сэтэ-сэлээнэ  олус  ыар
        буолуохтаах,  ону  өйдөө,  бүгүн  сүктэҕин,  —  диэн  быһа-бааччы  этгэ.
        Итини  истээт,  кыыс  уйа-хайа  суох  ытаан  барда.  Ийэ  да  тулуйбата,
        иккиэн  уһуннук ытаһан  баран  кыыс:
            — Хайдах, туохда буолуо буоллар, будьүһүммүнэн-бодобунан ол
        Бүөккэҕэ тэҥнээҕиҥ бу кэллим диэн букатын барбаппын.  Кини кур­
        дук киһи сырдык-ыраас олоҕун огдолуппаппын,  — диэн баран,  эмиэ
        уйа-хайа  суох  ытаан  барар.  Эмиэ  ытаһаллар.  Ол  олорон  ийэтэ:
            —  Бүөккэ  дьоно  Омуостаах  сөбүлүүллэр,  ону  билэн,  билсэн
        барабыт,  — диэн  кыыһын уоскута  сатыыр.
            —  Ол  Омуостаах  сөбүлэһэллэр,  манна  эһиги.  Оттон  Бүөккэ
        биһикки  сөбүлэһэрбит-сөбүлэспэппит  ахсааҥҥа  киирбэт  үһү  дуо?
        Ол  Бүөккэ  ити  бэйэлээх  киһи  бу  айылаах  буолбут  киһини  сөбүлүө
        үһү  дуо,  эбэтэр  ити  бэйэлээх  киһи  тэҥнээҕэ  мин  буолабын  диэн,
        мин сөбүлүөм үһү дуу? Хайа да өттүттэн ыпсыыта кыттыбат суол,  —
       диэн  кыккыраччы  аккаастанар.  Маны  истэн  төрөппүт  аҕата  Байбал
        кэлэн:

                                                                        95
   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104