Page 134 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 134

Дьиэлэрин иһигэр
                   Сэттэ былас
                   Чэҥнээх булууһу
                   Тобулу тирэнэн,
                   Туе иннилэригэр
                   Тура түстүлэр.
             5360  Ойууннаах-удаҕан
                   Уолуйбут-соһуйбут курдук
                   Уҥа-хаҥас диэкиттэн
                   Ойон туран,
                   Оһ оллоох-төр үөттээх
                   Онолҕон-сьшалҕан
                   Олбохторун үрдүгэр
                   Олоро түстүлэр.
                   Ол гынан баран:
                      — Атын дойду ааттаахтарын,
             5370  Чиэрэс дойду чиргэллэрин
                   Туспа дойду суорбаннара
                   Орто туруу
                   Дьоҕул дойдуга
                   Уобар соллоҥ иҥсэлээх,
                   Оботтоох чупчурҕаннаах
                   Оһол-төрүөт олохтоох
                   Отут удурҕаччы хара
                   Удьуордарын-биистэрин
                   Торолуйар тойоно буолбут
             5380  Ускунньахтаахуот Кутаалыҥса
                   Уоҕан уола
                   Өксөкүлээх Биэкэстэй
                   Үөлэн Харбыалыкы
                   Хара атгаах,
                   Өһөгөйдөөх санаалаах
                   Өлөр-өлүү Түбүлээн Хара бухатыыр,
                   Айыы хаан аймахтарыттан
                   Араҕас сиэр атгаах
                   Алаатыыр Ала Туйгун
             5390  Туохха ылларан,
                   Суорума соруктанан,
                   Биһиги диэтэх дьон
                   Суостаах-амырыыннаах,
                   Суналҕан илбистээх
                   Туе иннибитигэр киирэн,
                   Туора туран биэрдэххитий, оҕолоор!
                                  -    130
   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139