Page 129 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 129
Оһоллоох-ороскуотгаах
5140 Одун халлаан
Улаҕатын диэки
Умсары холоруктаан түһүүлэригэр,
Отут ургунньахтаах
Орто туруу дьоҕул дойду
Туут хайыһар
Тумсун курдук
Өрө иэҕэллэн тахсыытыгар,
Улуу халлаан буоллаҕына
Уйан өгүүк тумсун курдук
5150 Умсары дьиппинийэн түһэр,
Уораһыйар улартыгар
Дьөлөрүйэр үөлэһэ
Иэҥийэр бэлэһэ,
Аҥылыйар айаҕа буолбут
Умайа турар
Уот Кудулу байҕал
Уһуутуур ортотугар
Кыырыктаах илбистээх
Кылыс батыйа биитин курдук,
5160 Кыһыл сымара таас
Кырдал үрдүгэр
Үктэнэ түстүлэр да,
Ү ргүлдьү тохтообокко
Өһөгөйдөөх охсуһууну
Охсуспутунан бардылар.
Уот-Кудулу байҕал
Улаҕатыттан долгуһуйда,
Түгэҕиттэн түллэҥнээтэ,
Төлүтэ тэптэ,
5170 Төлөн уотунан түллэҥнээн,
Тууспан уотунан долгуһуйан,
Үрдүк халлаан өрөһөтүгэр
Өрүтэ уһуурда.
Силлиэлээх халлаан сирэйэ
Сириэһин уотунан сирэлийдэ,
Кыырай халлаан кырса
Кыһыл уотунан кырбаста,
Одун халлаан уорҕата
Ускунньахтаах уотунан охсуста.
5180 Орто аан ийэ дойдуну
Ордорбокко суоһаан,
125 -

