Page 131 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 131

Охсуспут сутуруктара мөлтөөбөтөх,
                   Анньыспыт түөстэрэ ахсаабатах,
                   Хайалара даҕаны
                   Умайа турар
                   Уот сымала байҕалга
             5230  Мүччү үктэнэн түспэтэ,
                   Ат-биэ курдук
                   Арахсыбакка айастылар.
                   Аҕыс атахтаах
                   Адьарай бөҕөлөр
                   Ааһар албастаахтара,
                   Тоҕус уон
                   Куотар кубулҕаттаахтара
                   Көмөлөһөр кыахтара суох буолбут.
                   Айыы хаан аймахтарытган
             5240  Албан ааттаахтара,
                   Туйгун бухатыырдара
                   Туту да көмөлөһөр кыахтара
                   Суох эбит.
                      Абааһы уола
                   Көмө көрдьөһөр* сирэ суох буолла,
                   Айыы да бухатыыра
                   Күүс-көмө көрдьөһөр сирэ
                   Суох буолла.
                      Абааһы уола кыайдаҕына,
             5250  Абааһылар көҥүл сиэн
                   Айыы аймаҕын
                   Адьас мэлитиэхтэрэ.
                   Айыы бухатыыра кыайдаҕына,
                   Айыылар баһылаан
                   Сарбыйан туран,
                   Саба тэпсэн,
                   Саас-үйэ тухары
                   Самнарыахтаахтар эбит.
                      Онон бу
             5260  Айыылаах абааһы
                   Суон дугдалара,
                   Халыҥ хаххалара,
                   Дуолан бухатыырдара
                   Иккиттэн биирдэһэ кыайарыттан
                   Айыы өрөгөйдүүрэ дуу,
                   Абааһы өрөгөйдүүрэ дуу
                   Быһаарыллыахтаах эбит.

                                  -    127  -
   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136