Page 137 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 137
Часкыйа-часкыйа,
Хабырына олордулар.
Тиистэринэн кириэхтэрин
Тиистэрэ хотуо суох,
Т ыҥырахтарынан
Тырыта тыытыахтарын
Тыҥырахтара сыстыа суох.
5490 Хайыахтарын да булбатылар,
Хатан часкыыры часкыйдылар,
Хара курдьаҕанан тибиирдилэр,
Хамсык үөнүнэн уһуурдулар,
Хардары-таары
Хабыалаһа олордулар:
— Сах дьонуттан
Тахсан барыах,
Туһа суох буолсу, — диэтэ
Абааһы уола.
5500 Дьиэлэрин үрдүн
Сүллээх этиҥ курдук
Дьөлө көтөн таҕыстылар:
— Маҥай киһи
Кыайан кыраан сиэбэт буолан баран,
Кырыыс төрдө аатыран-сураҕыран,
Дьөлө сытыйан олорбуттара эбитэ дуу,
Дьиэлэрин-уоттарын
Үлтү тэпсэн кэбиһиэх, — диэтэ да,
Үс бохсуулаах
5510 Төбөтүнэн айахтаах
Кудулу муус
Кудай уораан ордууларын
Үлтү эккириэбитинэн барда:
— Өллөллөр өллүннэр*,
Үөстэннэллэр үөстэтгиннэр*
Үөдэн дьоно, — дии диилэр,
Иккиэн ибили тэбистилэр,
Илдьи эккирээтилэр.
Өлөр өлүү ньүкэрэ хара төрдүгэр
5520 Түҥкүнүүр дьөлөркөй үөдэн
Түгэҕин диэки
Түөрт күннүк сиргэ
Дьөлө тэпсэн түһэрдилэр.
Эбии тэбиэһирдилэр,
Илбиһирэн турдулар,
- 133 -

