Page 142 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 142
Илистибэт иҥиирдээх,
Өһүллүбэт үүдэһиннээх,
5700 Уйадыйбат унуохтаах,
Быстыбат эттээх,
Т охтубат хааннаах
Туохха да хотторбот
Дуолан бухатыырдар буолан биэрдилэр.
Ол да буоллар
Абааһы уола
Урут саҥа аллайда:
— Эй, чэ түксү,
Нойон киһиэ!
5710 Илэ бэйэбитинэн
Эт сутурукпутунан эттэһэн,
Эн да кыайыаҥ суох,
Мин да кыайыам суох,
Уус хаан төрдүгэр тахсаммыт,
Төбөбүт оройунан
Уот тууспан кыһа түгэҕэр
Түһэн көрүөх эрэ.
Биир кэбирэхпит
Урут уйадыйан
5720 Ууллан тохтуо, — диэтэ.
— Илиэһэй бөҕө адьырҕата,
Тимир дэриэтинньик
Сиикэйдии кыайан
Сиэбэтим диэн,
Аны буһаран сиэри
Буокаһырдыҥ дуо?
Буоллун даҕаны, — диэтэ
Алаатыыр Ала Туйгун.
Өһөгөйдөөх өл үү ньүкэрэ хара төрдүттэн
5730 Үөһээ бөҕө үмүрүйэр,
Аллараа бөҕө нэмирийэр гына
Ү өһээ дойдуга
Өрө сырсан
Өрүкүһэн таҕыстылар.
Отут ургунньахтаах
Орто туруу дьоҕул дойду
Мултуйар уһугар,
Сэттэ биттэхтээх
Сир ийэ дьиппинийэр сиксигэр
5740 Айыы сирин
138 -

