Page 140 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 140

Көстүбэт бөҕө күтүрдээҕэ
                   Күрэннэҕэ дуу,
                   Адьарай бөҕө адьырҕата
                   Албаһырдаҕа дуу?
                   Им-ньим иһиллээбит курдук
                   Уу чуумпу тохтоон турдаҕына:
                      — Өһөгөйдөөх өргөстөөх,
                   Сүлүһүннээх төбөлөөх,
             5620  Төттөрү сэлгиэхтээх
                   Тимир үөрбэ буолан,
                   Төбөтүн оройугар
                   Дьөлө иҥэн киирэммин,
                   Иирэр өлүү төрдүгэр тэбэммин,
                   Орто дойдуга таһааран,
                   Айыы хаан аймахтарын,
                   Күн өркөн уустарын
                    Үөннээх түптүйэ курдук
                    Үлтү үктэтэн,
              5630  Ириэнэх дьэдьиэн курдук
                    Илдьи тэбистэрэн,
                   Аһыы-сии оонньуом этэ, — диэн,
                   Төбөтүн оройугар түһүө
                   Уһуктаах сүөм холобурдаах
                   Хаалтын кэннэ
                    Этэ тардан,
                    Куйахата күүрэн,
                   Алаас уҥуор холобурдаах
                   Аһара көтөн биэртэ,
              5640  Аллараа нэс үөдэн түгэҕэр
                    Тимир дьуос буолан,
                   Дьылыс гынан хаалла.
                    Онтон эмиэ
                    Утаакы буолбата
                    Аллараа нэс түөттүгэн* диэкитгэн
                    Иннинэн-кэннинэн
                    Өһөгөйдөөх-өргөстөөх
                    Тимир сойуодуку
                    Үөрбэ буолан,
              5650  Уллуҥаҕын оройунан
                    Тобулу сүүрэн тахсаммын,
                    Сүллүүлээх сүрэҕин хаанын
                    Супту уулуом этэ, — диэн,
                    Өрө өргөһүйэн тахсан,
                                  -    136  -
   135   136   137   138   139   140   141   142   143   144   145