Page 166 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 166

Тэриттэрэн-дьаһаттаран,
                    Симэнэн-таҥнан,
                    Эргэ тахсыбата,
                    Сиринэн батыһан
              6650  Барбыт диэннэр,
                    Тэҥнээх доҕор кыргыттарым
                    Сиилии-хоһулуу хаалаайаллар*.
                    Аан ийэ дайдыттан
                    Аҕатытган-ийэтитгэн
                    Анал чаас ылан,
                    Алгыс тыл истэн,
                    Сүктэн-бохтон барбакка,
                    Аартыкка көрсөөт,
                    Атаҕынан батыһан,
              6660  Барбытдиэн,
                    Аймах-билэ дьонум
                    Адыылыы-сиилии хаалайаллар.
                    Аҕабыттан-ийэбиттэн
                    Айах тутан,
                    Аһаан-сиэн,
                    Алгыс алҕатан,
                    Аттаммаппыт дуо? — диэтэ.
                       Онуоха буоллаҕына
                    Алаатыыр Ала Туйгун:
              6670     — Алаатыгар оҕолоор,
                    Аны эн биһиги
                    Ийэбитигэр тиийэн,
                    Эмиий эмэн,
                    Эмсэх оборон
                    Аҕаа, ийээ диэн,
                    Атаахтыыр-тараҥныыр сааспыт
                    Ааста быһыылаах.
                    Айыы хаан аймаҕын араҥаччылыырга,
                    Күн өркөн ууһун
               6680  Комүскүүр иннигэр
                    Күүстээх охсуһууну охсустуҥ,
                    Сындалҕаннаах сырыыны сырыттыҥ,
                    Ол гынан баран
                    Уулдьаҕай эттээх,
                    Уоһахтаах уостаах
                    Оҕо курдук сананан,
                     Ол-бу диэн,
                    Уҕалдьылыы тураҕын дуо?

                                   -    160  -
   161   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171