Page 161 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 161

Истэрин түгэҕиттэн
                   Иҥсэлээхтик бэтиэхтэстилэр,
                   Саманнык диэн
                   Саҥа саҥаран
                   Сатарыһа турдулар:
                      — Аарт-татай,
                   Аар-дьаалы, оҕолоор!
                   Бу туох дойду
                   Дьулаҕайын туура тэбинэн,
             6440  Дохсурҕаан кэлбит
                   Чочулҕан уолгунуй,
                   Кэлбит наадаҕын кэпсиэ,
                   Кимҥиний-ханныккыный?
                   Кэриэс тылгын эт.
                   Биһиги диэтэх дьон
                   Албан ааппытын,
                   Дьоһун сурахпытын
                   Истээри гынар буоллаххына,
                   Биирдэспит айаҕымсах
             6450  Часкыыр хара аймахтарыгар
                   Аҥаардаһынан аатыран үөскээбит,
                   Аттыгар түбэспити мэлитэр,
                   Аһайбытын эһэр,
                   Астыммат-тогшот
                   Алын Даадар Хара,
                   Бухатыыр диэн буолар.
                   Иккиспит иҥсэ мэнэгэй
                   Ийэлэрин ууһугар
                   Иитиллэн үөскээбит
             6460  Иннигэр кэлбити мэҥиэстэр,
                   Икки атахтааҕы,
                   Иннинэн сирэйдээҕи
                   Эһэргэ санаалаах,
                   Илбистээх-мэнэгэйдээх
                   Иҥиэттэ Хара
                   Бухатыыр диэн буолар.
                   Үһүспүт өһөгөйдөөх үлүгэрдээх
                   Үс биис ууһугар
                   Көҥүлүнэн-талбытынан
             6470  Күөдүлгэхтээн үөскээбит,
                   Өлөрөртөн атыны өйдүөбэт
                   Өрүүтүн топпот
                   Өлүк Бэкийэ Хара
                                     155  -
   156   157   158   159   160   161   162   163   164   165   166