Page 193 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 193
Иччитэх киҥкир хара
Дайды устун айаннатан истэ.
Бу иһэн өйдөөн көрбүтэ —
Олорор оҕо төбөтүн саҕа,
Уулаах отон уоҕуран үүммүт,
Эмньик кулун төбөтүн саҕа,
Ириэнэх дьэдьиэн* тэтэрэ буспут сиригэр
Тиийэн кэлбит эбит.
Ону көрөн баран:
7730 — Аар-татай, оҕолоор!
Бу орто туруу дьоҕул дойдуга
Олохсуйан үөскээбит уу харахтаах,
Утары ньуурдаах,
Уһаты уллутгахтаах,
Ортотунан кииннээх
Урааҥхай саха удьуордара
Умсулҕаннаах төрүт
Олохтоох астара буолбут
Отонноро-дьэдьиэннэрэ
7740 Ойҕол хара дойдуга
Олуһун,доҕоор,
Удьуор хаан дьонум
Олохтоох астарыттан
Амсайан аһыам буоллаҕа, — диэн баран,
Атыттан ойон түһэн,
Хаҥас диэки дьэдьиэни
Харбаан ылаары гыммыта,
Уҥа өртүнээҕи отоно:
— Урут миигин сиэ, — диэн баран,
7750 Үрбүт хабах курдук
Үллэх тына түстэ.
Инньэ гынарын кытта
Этэ тарта, иэнэ кэдэрийдэ:
— Аарт-татай, одолоор!
Уҥуоргу түҥкэтэх сир
Ойҕол хара дойду
Отонноро-дьэдьиэннэрэ
Урут-хойут дэһэн,
Ордук хоһу
7760 Тыллаах-өстөөх сылдьаллара
Олус да дьикти
Буолар эбит, — диэн баран,
Отонноох, дьэдьиэни
- 185 -

