Page 206 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 206
8280 Урааҥхай киһини
Утары көрдөрбөт
Оботгоох буурҕалаах
Дойду буолла.
Од да буоллар
Алаатыыр Ала Туйгун
Бу дойду
Очуругар оҕустарбата,
Тэхтиригэр тэптэрбэтэ,
Быларйыгар былдьаппата,
8290 Илбистээх силлиэтиттэн иҥнибэти.
Оботтоох буурҕатытган
Т охтообокко-чугуйбакка,
Сүллээх этиҥ курдук
Сүүрэн лүһүгүрээн истэ.
Кыбытан ааһар кыһамнаах,
Хабырыйан ааһар хапчааннаах
Икки туруук хайа
Икки ардынан
Сур бөрө ойоҕоһун уҥуоҕа
8300 Килбэччи аалыллан түһэр
Суналҕан хара
Аартык айаҕар
Сүүһүн хаба ортотунан
Сүүрдэммэтэх чардаат курдук
Түҥнэри көрбүт харахтаах,
Түөһүн иһиттэн
Үүнэн тахсыбыт
Дапсыыр хара илиилээх,
Тоноҕоһун уҥуоҕуттан
8310 Салгыы үүнэн түспүт
Соҕотох соҕоох курдук атахтаах,
Турар бэйэтэ
Тоҕус саһаан үрдүктээх,
Суолу бүөлүүр
Суодал хара
Абааһы уола,
Тоҕуһун үйэтинээҕи
Собоһут кыыл уйатын
Холбуу туппут саҕа,
8320 Томороон болгуо хара сутуругунан,
Туруук хара тумултан
Тоҕустаах-аҕыстаах
198
-

