Page 208 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 208
Орто дойдуну
Оҥоойуктаах отон курдук
Ураҕаһынан булкуйан,
Охсор сутуруктаахтан
8370 Миигиттэн ордугу булбатаҕа.
Ол иһин
Уомардаах-соллоҥноох,
Оботтоох-чупчуррннаах
Отут удурҕаччы хара удьуоруттан
Миигин булан аҕалан,
Алаатыыр Ала Туйгун
Бухатыыр кэллэҕинэ,
Үлтү охсон
Өлөрөөр диэн,
8380 Суолуҥ айаҕар тоһуттарбыта.
Охсубуппун ордорботох
Оһоллоох сутуруктаах
Уоһуйа Хара бухатыыр диэн
Буолабын, — диэтэҕэ.
Алаатыыр Ала Туйгун:
— Айыы хаан аймахтарыттан
Ааттаах бухатыырдара
Мин буолабын,
Охсуһар буоллаххына,
8390 Охсуһан да көрүөх эрэ, — диэн баран,
Таһыйбытынан барда.
— Абытайбыан-абытайбыан!
Тохтоо, тохтоо өлөрүмэ,
Тойонум оннугар
Тойон оҥостуоҕум, — диэтэҕэ
Абааһы уола.
— Оччоҕо тойонуҥ
Ханна олорор сирин
Суолун сирдээн кор, — диэн
8400 Алаатыыр Ала Туйгун ыгылытар.
— Тилэхпинэн ньээкэйэн,
Чиҥэппит аххан
Сирим-дойдум
Барахсан буоллар,
Биэс тарбаҕым курдук
Билээхтиир бэйэккэм, — диэтэ да,
Абааһы уола
Бастаан баран,
200
-

