Page 211 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 211

Бухатыыр кэллэҕинэ,
                   Көтөҕөн ылан,
                   Үлтү быраҕан
                   Өлөрөөр, — диэн
                   Аартыккар тоһуттарбыта,
                   Аллараа дайды уола
             8500  Көтөҕүүлээх Көдөнү Хара
                   Бухатыыр диэн буолабын.
                      — Абытакайыан, нохоо,
                   Тохтоо, тохтоо таһыйыма,
                   Тойонум оннугар
                   Тойон оҥостуом — диэтэҕэ.
                      — Оннук буоллаҕына,
                   Ол тойонуҥ олорор ордуутугар
                   Сирдии тардыый, — диэтэ
                   Алаатыыр Ала Туйгун.
             8510     Онуоха абааһы уола:
                      — Аҕыстаах сааспыттан
                   Атахпынан аамайдаабыт
                   Айанныыр аан дайдым буолар,
                   Сэттэлээх сааспытган
                   Тилэхпинэн тэнитэн
                   Чиҥэппит сирим буолар.
                   Аартыкгарын баҕас
                   Аҕыс тарбаҕым курдук
                   Аахпыт бэйэккэм,
             8520  Суолларын туомун
                   Тоҕус тарбах курдук
                   Чопчу билээхтиирим,
                   Сирдээбэт бэйэлээх киһи
                   Буолуом дуо? — диэтэ да,
                   Бастаан баран,
                   Сүүрэн көдөлүйэн истэ.
                   Охсуулаах Уоһуйа Хара бухатыыр
                   Ортоку буолла.
                   Алаатыыр Ала Туйгун
             8530  Кэннилэриггэн истэ.
                   Сутаан өлбүт
                   Атыыр оҕус куолайын
                   Субуруччу туппут курдук
                   Хатыллаҕас-эриллэҕэс
                   Хапчаҕай хара
                   Аартык устун
                                  -    203  -
   206   207   208   209   210   211   212   213   214   215   216