Page 242 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 242
Халлааным анныгар
Хантан кэлиэ баарай?
Ол да киһи
Ураты-туора сирдэртэн,
9830 Улаҕа түгэх дойдулартан
Уол оҕо одьунаастара,
Уһуллаҕас туйгуттара
Ойох ылаарылар,
Утуйбакка-олорбокко,
Олбук-солбук
Орҕостон-субуруһан аххан биэрбиттэрэ.
Ону барыларын
Олох сөбүлээбэккэ,
Ураҕаһынан үүртэлээн
9840 Утааран испитим.
Чиэрэс дайды тэтиэнэхтэрэ,
Бэкийэр бэртэрэ
Тэллэххэ сытар
Тэҥнээх доҕор оҥостоору,
Тиһигин быспакка,
Т иэстэн-тиэрийэн,
Тиһиллэн аххан биэртэрэ,
Сирэйдэринэн тиийбэт буоланнар,
Тыыста барыларын
9850 Сирэн-тэпсэн испитим.
Аллараа-үөһээ дайдылар
Албан ааттаахтара
Аналлаах доҕор оҥостоору,
Айгыстан-адалыһан,
Аарыгыран аххан биэртэрэ,
Адьас барыларын сирэммин
Атгыы батынан,
Атахпынан тэбэн
Атааран испитим.
9860 Ахсаанын да билбэтим.
Айыы хаан аймахтарыттан
Алаатыыр Ала Туйгун диэн
Аатырыаххын да
Аатырар эбиккин,
Толору ньургуҥҥунан,
Толуу дьүһүҥҥүнэн,
Көр үҥҥүнэн -талаҕынан
Эн курдук киһини
- 234

