Page 246 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 246

Убайым Уот Субурҕа бухатыыр
                    Орто туруу
             10000  Дьоҕул дойдуттан
                    Уоран-талаан
                    Киллэрбит  ойоҕун
                    Уһутуур уорҕатыгар,
                    Олорор ордуутугар
                    Олох тохтообокко
                    Туҥкэтэх Өлүү Ньүкэрэ Хара
                    Төрдүгэр түһэрбитэ.
                   Айыы кыыһа
                   Аҕыс былас суһуохтаах
             10010  Айыы Ньулурдаан Куону
                    Аатырдан-сураҕырдан
                    Ойох ылан кэлбит диэннэр,
                    Аллараа, үөһээ дайды
                    Атамаан адьырҕалара,
                    Дуолан бухатыырдара
                    Сураһан-ирдэһэн
                    Сонордоһон кэлэннэр,
                    Тута балыһан
                    Былдьаһан-тарыһан
             10020  Быһылааны тардыахтара диэн,
                    Өйдөөх бөҕө
                    Өйдөөн сиппэт,
                    Өлөр өлүү
                    Үөдэн айаҕын
                    Өҥөйдөр көстүбэт,
                    Үмүрүйэр түгэҕэр
                    Түһэрэн сүтэрбитэ,
                    Санаалаах бөҕө
                    Сабаҕалаан билбэт
             10030  Таан-Таратыгар
                    Саһыаран тахсыбыта.
                    Ол тахсан
                    Уһуутуур уһук
                    Уораҕайын ортотугар
                    Утуйа сытар, — диэтэ.
                       Инньэ диэн баран,
                    Иннинэн-кэннинэн
                    Эргийтэлээтэ,
                    Иэнинэн тиэрийбэхтээтэ,
             10040  Умсары хойуостанна
                                   -    238  -
   241   242   243   244   245   246   247   248   249   250   251