Page 243 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 243

Көрө илик этим.
             9870  Кырдьыга даҕаны,
                   Куоппуту тутуох курдук
                   Хорсун дьүһүннээххин,
                   Эккирэппиккин ситиэх курдук
                   Эр бэрдэ эбиккин.
                   Мин даҕаны
                   Эн диэтэх киһиэхэ
                   Иискин иистэммэт
                   Эриискэ буолуом дуо?
                   Дьиэни дьиэлиир аххан дьэргэстэйбин,
             9880  Хотону хотоннуур аххан курбаанчабын.
                   Ньиирэйдээбит ньиирэйим
                   Сэттэ хонук иһигэр
                   Тиэргэн ортотугар
                   Чиккэйэ өлөрө.
                   Торбостообут торбоһум
                   Тоҕус хонугу ааспакка
                   Тоһоҕотун төрдүгэр
                   Тортойоохтуур буолара.
                   Иистэммит ииһим
             9890  Икки хонук иһигэр
                   Илдьирийэн түһэр
                   Эриэккэстээх иистээхпин.
                   Улларбыт этэрбэһим
                   Уонча хаамыы иһигэр
                   Уллуҥа көтүллэн,
                   Олорон хаалар
                   Уус гиэнэ
                   Омуннааҕа буолабын.
                   Тикпит таҥаһым
             9900  Тимэхтэниэх икки ардыгар
                   Тэлитэ баран,
                   Тэлэккэлэнэн түһэр
                   Сэгэттэй иистээхпин.
                   Астаан аҕалбыт аспын
                   Амсатыах бокуойа суох
                   Аҕыйахта хабыалаан,
                   Амсырдаан кэбиһэр
                   Айаҕымсах гиэнэ
                   Атамаана буолабын.
             9910  Күөстээбит күөспүн
                   Көһүтэн олорор дьоммор

                                  -    235  -
   238   239   240   241   242   243   244   245   246   247   248