Page 117 - Неизвестное название
P. 117

Ойдом хара тыалар
                       Улада өртүлэринэн
                       Уурдаран одустаран барда,
                 4760 Ол баран истэҕинэ
                       Ойдом ойуур уладатыгар,
                       Оһуор тыа ортотугар
                       Тэҥкэ тиит чиэрэс өртүгэр
                       Лэглэҥкэнэ булгунньах
                       Лэглэйэн көһүннэ.
                       Ол булгунньах
                       Дулдах, дулдах
                       Хамсыырга дылы гынар эбит.
                       Хайдах хайдах
                 4770 Хамсыыр хайалардаах
                       Дайдыный додоор диэн,
                       Дьиктиргии санаата,
                       Дьиибэргии көрдө.
                       Чугаһаан кэлэн,
                       Чугас киирэн,
                       Тохтуу түһэн
                       Толкуйдаан көрбүтэ —
                       Иннэ-кэннэ биллибэт,
                       Илии-атах бадьырыйбыт
                 4780 Эһэ түүтүн курдук
                       Чөмүччү бүтүннүү
                       Лөглөйбүт түүлээх
                       Баһа суох киһи
                       Ыгдайан олорор эбит.
                       Өйдөөн көрбүтэ —
                       Илин өртүгэр
                       Икки дьылҕан үтэһэҕэ
                       Икки буур тайады
                       Туруору үөлүтэлээн
                 4790 Буһуруччу-соторуччу
                       Буһарбыт киһи буолла.
                       Икки бүлгүнүн үрдүнэн
                       Икки чаан алгый сада
                       Эрэличчн көрбүт
                       Эрилкэй харахтаах эбит,
                       Уҥа өртүгэр
                       Урусхан харыйа сада
                       Уһун турантай
                       Суолбан маҥан хаалыктаах эбит,

                                     - 116-
   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122